Балаҕан ыйын 29 күнүттэн Саха сирин үрдүнэн “Зина и Леха. Операция: хвост и вымя” диэн ааттаах сахалыы киинэ тахсан икки нэдиэлэ устата киинэ саалаларыгар көрөөччүлэри муста. Билиҥҥи түмүгүнэн, туох да саарбаҕа суох, бу киинэни быракаат лиидэринэн ааттыахха сөп – каассата 10 мөлүйүөн солкуобайы куоһаран Саха сирин ордук ситиһиилээх уус-уран хартыыналарын кэккэлэригэр кыттыста. Ол эрэн, киинэ аҥаардас харчы хомуйарынан эрэ сыаналаммат, ис хоһооно, оҥоһуллубут таһыма хайдах эбитий? Аҕыйах хонуктааҕыта продюсер Алексей Михайлов саҥа үлэтин көрөн турардаахпын.
Хаһан эрэ бу уоллуун илэ көрүстэхпинэ, “тоҕо сахалыы оҥоһуулаах киинэҕин нууччалыы ааттаан таһаараҕын?” диэн ыйытан көрүөм этэ. Бу иннинэ оҥорон таһаарбыт киинэтэ “Враг по крови” диэн аатынан киэҥ экраҥҥа тахсыбыта, дьиҥэр, “Хаан өстөөхтөр” диэн судургутук тылбаастаатахха, киинэ ис хоһоонугар туох даҕаны уларыйара суох курдук этэ. Ол эрэн, “Враг по крови” аатыгар эрэ иҥнэр сыыһа, уопсайынан, быстар мөлтөх таһымнаах “оҥоһук” этэ. Киһи өйдүүрүгэр уустук, бутуурдаах сценарийынан эрдэ улахан үлэҕэ эриллибэтэх режиссер устубутун монтаж көмөтүнэн көннөрө сатаабыттара табыллыбатаҕа харахха быраҕыллара. Балаһыанньаны күүстээх оператор (Иван Семенов) үлэтэ, талааннаах артыыстар оонньуулара (холобур, Дмитрий Хоютанов) быыһаабатахтара. Ол да буоллар, киһи дьиктиргиэх, сорох көрөөччүлэр киинэни сөбүлээбит этилэр, түмүгэр киинэ куһаҕана суох “каассаны” хомуйбута (4 мөл. солк. тахса). Бу кэнниттэн аны “Өттүк Леха саҥа киинэтин устан эрэр үһү” диэн сурах кэлбитэ.
Дьиҥэр, “Зина уонна Леха” киинэ таһыма лаппа үрдээбит буолуохтааҕын эрдэттэн билэн тиийбитим. Бу сырыыга “самодеятельность” бырайыак буолбатаҕа биллэрэ – сценарист быһыытынан бу идэни баһылаабыт Алексей Амбросьев (аччыгыйа) – Чоох Мунду ыҥырыллыбыт этэ. Алексей бэйэтин айымньытынан устубут маҥнайгы киинэтэ – “Муммуттар” дойдубутугар сценарий суруйуутун саҥа таһымҥа таһаарбыта. Иккис былаан артыыстарга дириҥ суолтаны биэрии, мин санаабар, бу киинэттэн саҕаламмыта. Ол кэнниттэн Чоох Мунду атын режиссердарга бэрт араас ис хоһоонноох сценарийдары суруйан элбэх ситиһиилээх бырайыактар кыттыгастара буолбута. Хоррор (“Республика Z”), кэмиэдьийэ (“Агент Мамбо”), историческай драма (“Судаарыстыбаннай оҕолор”), ромком (“Мин үрүҥ түүннэрим”) уо.д.а. ааптардара.
Оттон режиссер олбоҕор Роман Дорофеев олорбут этэ. Мин санаабар, Роман тыйаатырга даҕаны, киинэҕэ даҕаны мөлтөх үлэлэрэ суоҕун кэриэтэ. Киинэ режиссера быһыытынан “Кэскил-2”, “Арай биирдэ”, “Көҥүл боотурдар” курдук киинэлэри устубута.
Туруорааччы оператор – Тим Третьяков. Киинэ эйгэтигэр өр үлэлэспит эрээри, сыыспат буоллахпына, бастакытын улахан бырайыакка туруорааччы оператор быһыытынан үлэлээбит. Соругун бэрт тупсаҕайдык толорбут диэххэ наада.
Роман Дорофеев: “Эрдэттэн биллэр быһыылаах-майгылаах персонажтарга олоҕуран толору миэтэрэлээх киинэни оҥорон таһаарыы бэрт сонун бырайыак буолуон сөп дуу дии санаан, бу үлэҕэ кыттыспытым”, – диэн этэр.
Өскөтүн Алексей Михайлов маҥнайгы холонуутугар балачча уустук, эрдэ тургутуллубатах жанры талбыт эбит буоллаҕына, бу сырыыга олус сөптөөх туһаайыыны таба тайаммыт. Иннокентий Орестовтыын инстаграм кылгас роликтарыгар бэркэ кичэйэн оҥорон таһаарбыт персонажтарын, Саха сирин көрөөччүлэрэ астына кэтиир Зиналаах Лёха туһунан көрдөөх кэмиэдьийэни устубуттар. Эрдэттэн биллэр, туспа сүгүрүйээччилэрдээх персонажтары улахан уус-уран киинэҕэ көһөрүү бары өттүттэн сөптөөх туттунуу. Бастатан туран, көрөөччүнү кэтэһиннэрэр, иккиһинэн саҥа дьоруойдары айар уустук үлэттэн босхолуур.
Кылгастык кэпсээтэххэ: биир баппат майгылаах уол тээтэҥ атаһын кучуйан, грант суруйбута буолан судаарыстыбаттан үп апчарыйар былаан оҥостоллор. Бэрт судургу оҥоһуулаах былааннара, киһи соһуйуох, табыллыахча курдук буолан барар. Ол эрэн… дьэ уонна туох буолбутун киинэни илэ көрөн кэтээбит астык буолуоҕа.
Тус бэйэм санаабар, киинэ сюжета судургу соҕус. Арыый уустугурдан, эриллиилээх түгэннэри эбэн биэрбит киһи, уонна саамай тыҥааһыннаах түгэҥҥэ соһуччу тосту уларыйыы баара эбитэ буоллар, “Зина уонна Леха” улаханнык тупсуо этэ. Ол да буоллар, маастардар үлэлээбиттэрэ өтө көстөр – урукку кэмнээҕи саха кэмиэдьийэлэригэр сигэнэр, судургутук сынньатар аналлаах уус-уран айымньы оҥоһуллан тахсыбыт. Ордук күүстээх өттүнэн дьоруойдар буолбуттар.
Роман Дорофеев Саха тыйаатырын сыанатыгар Өксөкүлээх Өлөксөй «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» пьесатын туруорбуттаах. Лена Маркова талааныгар сигэнэн, олус күүстээх үлэтинэн тыйаатыры таптааччылар сүрэхтэрин сүүйбүтэ. Бу сырыыга киинэ бөлөҕө кэмиэдьийэ көмөтүнэн аныгы сахаларга баар араас майгылары олус күлүүлээхтик быһыылаан-таһаалаан таһаарбыттар. Бэйэтэ тус санаата суох, кэлбит-барбыт киһи сабыдыалыгар наар киирэн биэрэ сылдьар Петя (Иннокентий Орестов), уһуну-киэҥи санаабат одьунаас Леха (Алексей Михайлов), күүдэпчилэнэр уот майгылаах күнүүһүт Леха ойоҕо Тамара (Аюна Спиридонова), бэриниилээх үлэһит кыыс (Елизавета Далбараева) уонна да атыттар дьиҥнээх олоххо баар дьон майгытын кэтээн көрөн, ону күүркэтэн оҥоһуллубуттара көстөр. Орестов икки тус-туспа дьоруойдары оонньуур, онтуката олус табыллыбыт. Оттон Михайлов дьоруойа, “Өттүк Леха” араас араас айымньыларга барытыгар биир кэлимсэ ойуулаах, “мем” киһи буолара көстөр. Ону эмиэ сатыахха наада.
Ону тэҥэ “Зина уонна Леха” иһигэр саха киинэтин дьиҥнээх таптааччыларыгар анаан элбэх таайбараҥнары кистээбиттэр. Холобур, режиссер хас да киинэҕэ элэс гынан ааһар (#taptal, “Маҥнайгы таптал”) дьоруойун – “Айылҕа аанньалын” Варфоломейы бу киинэҕэ толору арыйбыт.
Хас тахсыбыт киинэ барыта бэстибээл кыайыылааҕа, саҥа үрдүк таһымы өксөйүү буолбата чахчы. Дьону күллэрэр, сынньатар киинэ эмиэ хайаан даҕаны баар буолуохтаах. Саха киинэтин бүгүҥҥү ситиһиилэрэ маҥнайгы сыллар судургу кэмиэдьийэлэрэ дьону киинэ тыйаатырдарыгар салайбыттарыттан саҕаламмыта. “Зина уонна Леха” бүгүн “Кэскил”, “Алмаастаах тэмийэх”, “Хаамаайы Бааска” курдук чэпчэки кэмиэдьийэлэри салгыыр уус-уран киинэ. Элбэҕи ирдээбэккэ, күннээҕи түбүктэн күлэн-салан сынньанарга анаммыт бэртээхэй киинэ. Оттон бырайыак ааптара Алексей Михайлов киинэһит быһыытынан лаппа үүнэр сибикилээҕэ оҥорбут сыыһаларын сөптөөхтүк көннөрөрүттэн көстөр.
2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…
"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…
Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…
Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…
Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…