Балаҕан ыйын 29 күнүттэн Саха сирин үрдүнэн “Зина уонна Леха. Операция: хвост и вымя” диэн саҥа киинэ көстөр. Киинэҕэ сүрүн оруоллары бары бэркэ билэр “ыалбыт” – Зиналаах Леха, ол эбэтэр Иннокентий Орестов уонна Алексей Михайлов толороллор.
Социальнай ситимнэргэ тэттик видеороликтарынан былааһы ылбыт Зина уонна кини кэргэнэ Леха туһунан толору кээмэйдээх киинэ уһулла сылдьарын туһунан былырыын истибиппит. Кэмиэдьийэбит өр-өтөр буолбата, бэлэм буола охсон бар дьон дьүүлүгэр таҕыста.
Алексей Михайловы дьон-сэргэ билбитэ ыраатта. Кинини саха дьоно Өттүк Леха, Мотор Леха уобарастарынан эндэппэккэ билэр. Алексей саҥа киинэҕэ биир сүрүн оруолу оонньуурун таһынан продюсер быһыытынан үлэлии-хамныы сылдьар эбит:
— Мин уруккуттан киинэҕэ уһуллуохпун наһаа баҕарар этим. Режиссердарга бэйэм туспунан билиһиннэрэн, хаартыскабын сыһыаран суруйан ыытарым. Ким даҕаны улаханнык сэҥээрбэт этэ. Кэлин Степан Бурнашеву кытта үлэлэспитим. Ол сылдьан, Аскалон Барашковтыын-Аскалонидзолыын күлүүлээх тэттик видеолары устар буолбуппут. Дьон сэҥээрэр, күлэр эбит диэммит “Өттүк/Мотор Леха” диэн киинэбитин устубуппут. Киинэҕэ үлэлээбит уопуппут суоҕа атахтаан уонна пандемия кэмэ буолан, киинэбит уһаан-кэҥээн, үс сыл буолан баран биирдэ бэлэм буолбута. Кыра да буоллар уопутурбут дьон быһыытынан, Зиналаах Лехабытын киинэ оҥорорго санаммыппыт, — диэн Алексей киинэҕэ бастакы хардыыларын туһунан сэһэргиир.
— Алексей, Иннокентийдыын хайдах булсан “Зиналаах Леха диэн ыал” баар буолбутай? Ол устуоруйатын ааҕааччыларбытыгар билиһиннэр эрэ.
— Элбэх киһи биһигини дьиҥнээхтии ыал дии саныыр. Хайдах оннук буолуой? (күлэр). Иннокентий Орестовтыын билсибиппит ыраатта. Кини киинэ эйгэтигэр үлэлээбитэ быданнаата. Устар бөлөххө баар, кэлиҥҥи кэмҥэ уһуллубут үгүс сахалыы киинэлэр оператордарынан буолар.
2019 сыллаахха ыам ыйыгар Кеша миэхэ туохха эрэ наадыйан эрийбитэ. Онуоха мин видеороликпар дьахтар оруолун толорор киһини көрдүү сылдьар этим. “Кеша, артыыстыаххын сөп быһыылаах дии. Дьахтар оруолугар уһулун эрэ”, — диэн көрдөстүм. Кини тута сөбүлэһэн кэбистэ. Онон көрсүөххэ, устуохха диэн кэпсэттибит. Ол киэһэтигэр видеобыт уһуллан, номнуо социальнай ситимнэринэн тарҕана охсубута. Дьон олус сөбүлээбит, комментарий бөҕөтө суруйбут этэ. Били абааһы аһаабыт сириттэн арахсыбат дииллэринии, өр толкуйдуу барбакка сарсыҥҥы күнүгэр мин эрийэн: “Кеша, дабаай, өссө биир видеота устуохха”, — диэтим. Киһим сөбүлэстэ, онтон ыла салгыы оннук үлэлэһэн барбыппыт.
Быһа түһэн эттэххэ, мин бу киинэҕэ биир сүрүн оруолу толорорум таһынан продюсердаатым. “Эбиэккэ тугу сиибитий?” диэн саныы сылдьан улахан сыанаҕа оонньуурум ыарахан соҕус этэ. Мин булуу-талыы, кэпсэтии-ипсэтии чааһыгар үчүгэйбин. Онон чопчу продюсер эрэ эбитим буоллар, киинэбит өссө үчүгэйдик табыллыа этэ дии санаатым. Ол эрээри, киинэҕэ оонньуур мин оҕо сааһым баҕата буолан, ол санаабын ситтим.
Булугас-талыгас, киирбит-тахсыбыт, сытыы тыллаах Зина оруолун Иннокентий Орестов толорор. Тэттик видеолары көрө олорон, ардыгар киһи “бу дьахтар дуу, эр киһи дуу” диэн толкуйдаан ылыар диэри Зинатын итэҕэтиилээхтик оонньуур диэтэхпинэ даҕаны үгүскүт сөбүлэһэрэ буолуо.
Иннокентий Амма улууһуттан сылдьар, пиарщик идэлээх эбит. Кини бэйэтин туһунан маннык билиһиннэрэр:
— Нуучча филологиятын факультетын бүтэрбитим, ол эрээри идэбинэн биир даҕаны күн үлэлээбэтэҕим. Үөрэхпин бүтэрэн чааһынай тэрилтэҕэ үлэлии сылдьаммын фотоаппарат ылыммытым. Хаартыскаҕа түһэрэн, видеоҕа устан саҕалаабытым. Салгыы “Саха” НКИХ “Сэргэлээх” устуудьуйатыгар “Биһикчээн” биэриигэ режиссердаабытым, атын бырайыактарыгар үлэлээбитим. Быстах кэмҥэ филармонияҕа үлэлээн ылбытым. Билигин фрилансербын, бэйэбэр үлэлиибин.
Киинэ эйгэтигэр киириэхпин, үлэлиэхпин наһаа баҕарар этим. Сыыйа-баайа киинэһиттэри кытта билсэн араас бырайыактарыгар үлэлиир буолбутум. Билигин устар бөлөххө баарбын.
— Ханнык киинэлэргэ үлэлээбиккиний?
— “Дьулуур: мас-рестлинг”, “Сэттээх сир. Ыйаах”, “Хара хаар”, “Холодное золото” киинэлэргэ устар бөлөххө баарым. Бу соторутааҕыта Сергей Потапов режиссердаах киинэ устан кэллибит. Чэ, ити курдук.
— Кеша, артыыс идэҥ суох дуо? Артыыс буолуо диибин ээ.
— Суох, артыыс идэлээх буолбатахпын. Арай, урут Эстрада тыйаатырын иһинэн тэриллибит пародия тыйаатырыгар Александр Бурнашовка уонна Валентина Чирковаҕа дьарыктана сылдьыбытым. Мин камера кэтэх өттүгэр үлэлиирбин ордоробун.
— Оттон Зина?
— Аны Зина буоларбын сөбүлүүбүн ээ. Дьону үөрдэр-күллэрэр туох куһаҕана кэлиэй. Бэл, дьон уулуссаҕа көрөн билэр, хаартыскаҕа түһэр буолла. Кеша диэн ааттаахпын билбэттэр, “Уай, Зиночка сылдьар!” дииллэр. Ону мин утары дьээбэлээн эппиэттэһэбин.
— Чугас дьонуҥ, аймахтарыҥ, доҕотторуҥ дьахтар оруолун толороҕун диэн сүөргүлээбэттэр дуо?
— Суох, кимтэн даҕаны оннугу истэ иликпин. Дьонум, ордук дьахтар өртө — ийэм, балтыларым Зинабын сөбүлүүллэр. Убайдарым туох даҕаны диэн утарбаттар. Оттон, биллэн турар, наһаа үчүгэй диэбэттэр, ол эрээри көр-күлүү диэн билэллэр, өйдүүллэр буоллаҕа дии. Улуустарынан кэнсиэрдээччибит, ол сырыттахпытына Зинаны ордук саастаах дьон сураһар, интэриэһиргиир ээ. Дьону ытатарга-соҥоторго диэн буолбакка, үөрдэргэ-күллэрэргэ анаан толкуйдаммыт уобарас буоллаҕа дии. Ону дьон өйдөөн ылыммыта үчүгэй дии саныыбын.
Уолаттар Зиналаах Леха туһунан тэттик роликтарыгар олоҕуран, былырыын саас киинэ устан саҕалыырга санаммыттар. Сайын киинэ саамай уһуллар кэмин баттаһа, сып-сап хамаанда булунан үлэлэрин саҕалаабыттар.
Саҥа киинэ режиссерунан Саха тыйаатырын артыыһын Роман Дорофеевы кэпсэппиттэр. Роман киинэ эйгэтигэр, чуолаан кэмиэдьийэҕэ саҥа аат буолбатах. Икки сыллааҕыта кини Николай Неустроев “Тиэтэйбит” кэмиэдьийэтин киинэ оҥорбутун бар дьон сөбүлээбитэ. Оттон “Зина уонна Леха” киинэ сценарийын эмиэ биллэр режиссер, сценарист Алексей Амбросьев суруйбут. Онон икки уопуттаах киһи ылсан үлэлэспит киинэлэриттэн элбэҕи күүтэбит.
— Киинэҕэ үлэлээбиттэрэ быданнаабыт уонна талааннаах дьон буолан, Романнаах Алексей кэпсэтэрдиин атыттарын, аны өйдөһө түһэллэрин киһи сөҕөр эрэ. Сценарийбыт бэлэм буолбутун кэнниттэн хамаандабытын, артыыстарбытын талан саҕалаабыппыт.
Дьиҥэ, Чурапчы Мындаҕаайытыгар, Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүгэр устуохпутун баҕарбыппыт. Ону Хаҥалас Төхтүрүн Дьокуускайтан барарга-кэлэргэ чугас, үлэлииргэ табыгастаах диэн уопуттаах киинэһиттэр сүбэлээбиттэрэ. Манна диэн эттэххэ, Төхтүргэ элбэх киинэ уһуллубута. Дьоно-сэргэтэ сайын аайы киинэ уһулларын билэр буолан, биһигини үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Устар бөлөххө анаан сабыс-саҥа кулууптарын туран биэрбиттэрэ. Онно ый кэриэтэ олороммут киинэбитин устубуппут. Төхтүр баһылыгар Багдарыын Кэскил Ньургун Уолугар, уонна нэһилиэнньэҕэ махтанабыт, — диэн Алексейдаах Иннокентий кэпсииллэр.
Кырдьык даҕаны, Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһилиэгэр “детсаттар” “Кэскиллэриттэн” саҕалаан араас хабааннаах сахалыы киинэ бөҕөтө уһулунна. Оннооҕор 2015 сыллаахха Италия режиссера Диего Паскаль Панарелло кэлэн “Странный звук счастья” диэн хомус туһунан документальнай киинэтин устан барбыта. Онон Төхтүр Саха сирин Голливуда буолар да диэтэхпинэ улаханнык сыыспатым буолуо.
«Зина уонна Леха. Операция: хвост и вымя» киинэ трейлерэ:
Саха сирин киинэтигэр саҥа ааттар – А.С.Пушкин аатынан Нуучча драматическай тыйаатырын артыыһа Илья Шумкин, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыстара Елизавета Далбараева, Екатерина Хоютанова, “Саха” НКИХ ыытааччыта Карина Семенова, Улан-Удэтээҕи култуура кэллиэһин устудьуона Аюна Спиридонова уо.д.а. уһулуннулар.
“Киинэбит бастакы көрөөччүлэрэ “Кэскил”, “Юбилей” киинэлэр салгыннара кэлэр диэн сыана быспыттара. Онон 2000-с сылларга саха киинэтин саҥалыы тыыннаабыт “детсаттарга”, Аркадий Новиковка ытыктааһын иэһинэн буолла диэхпитин баҕарабыт.
Сахалыы кэмиэдьийэ тахсыбатаҕа даҕаны ыраатта. “Зина уонна Леха” билиҥҥи олоҕу көр-күлүү өртүнэн көрдөрөр, киһини сэргэхситэр, балтараа чаас иһигэр күннээҕи кыһалҕалары умуннарар, сынньатар киинэ буолар. Бар дьоммутун киинэбитин көрөргүтүгэр ыҥырабыт!” – диэн бүгүҥҥү ыалдьыттарым кэпсээннэрин түмүктүүллэр.
Айтана Аммосова.
Хаартыскалары Алексей Михайлов тиксэрдэ.
АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах…
Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар Саҥа дьыллааҕы харыйа "Елки России"…
Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр сэлиэнньэтин олохтооҕо дьахтар өрөспүүбүлүкэ борокуруора Максим Поповка көмө көрдөөн биллибит. Быһаарыллыбытынан,…
Арассыыйа социальнай пуондата үлэлиир гражданнарга биэнсийэни индексациялааһыны быһаарда. Индексацияны суоттааһыҥҥа 2016 сылтан ыла бары көтүтүллүбүт…
СӨ тырааныспар уонна суол Хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Анатолий Потапов бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, социальнай…
Саха сирин олохтооҕо Денис Харисов ТНТ ханаал ыытар "Ярче звезд" биэриитигэр кытынна. Бу биэриигэ кыттааччылар…