Байыаннай дьайыылар ыытыллар сирдэригэр сылдьар уолаттарга алгыс, харысхал олус наада.
Ол да иһин Мэҥэ Хаҥалас улууһун салалтатын кытта Ытык Сүбэ салайааччыта, алгысчыт Зиновий Игнатьев-Түсчүт байыаннай дьайыы буола турар сиригэр өрүү барсан кэлэр.
— Байыаннай дьайыылар ыытыллар сирдэригэр гуманитарнай көмөнү үстэ илдьэ барсан кэллим. Таһаҕас элбэх буолар. Ону уолаттар таһаллар, мин харабыл быһыытынан сылдьабын, уолаттар түмсэр кэмнэригэр алгыс көтөҕөбүн. Бастакы барыыбар бары түмсүбүт этилэрэ. Иккиспэр кулун тутар 21 күнүгэр «саха төрөөбүт күнэ» диэн бэлиэ күҥҥэ уот оттон, оҕолорбор этэнҥэ сылдьалларыгар анаан алгыс көтөхпүтүм. Манна нууччалар эмиэ кыттыбыттара. Онно сылдьар уолаттар саха итэҕэлэ наһаа күүстээҕин билинэллэр. Буойуннарга мин аҕа, эһээ быһыытынан көстөбүн. Ол курдук, хас да уол чугаһаан кэлэн, «олох аҕабын кытта кэпсэппит курдук сананным…» диэн кууһан ылбыттара уйадыппыта. Ол аата уолаттарга алгысчыт эрэ буолбакка, Аҕа курдук көстөр эбиппин. Үгүстэрин дьоннорун, аймахтарын билэбин.
Оннооҕор нууччалар түөскэ кэтэр сахалыы харысхалы көрдөөн ылбыттара. Байыаннай тиэхиньикэлэригэр иилинээри эмиэ былдьаһыгынан ылаллар. Биһиги итэҕэлбит олус күүстээх. Уолаттар кэпсииллэринэн, нууччалар этэҥҥэ сылдьар буолан, «сахалар өссө алҕааҥ, буруолатыҥ»- диэн анаан көрдөһөллөр эбит. Саха итэҕэлэ уолатарбытын арчылыыр. Биир нуучча уола уоппускаҕа кэлэ сылдьан, кэтэ сылдьар саха харысхалын көрдөрбүтэ, махтанар. Барарыгар балаҕаммытыгар кэлэн кэргэнинээн алгыстанан барбыта. Билсэ олоробут. «Оҕолорбут этэҥҥэ сылдьан, түргэнник дьиэлэригэр төнүннүннэр…» диэн бары Айыылартан көрдөһө сылдьабын…— диэн санаатын үллэстэр алгысчыт Зиновий Игнатьев-Түсчүт.
Өрүү сырдыгы, үөрүүлээҕи, үйэлээҕи саҕа сылдьар алгысчыт Зиновий Игнатьевы-Түсчүтү кытта кэпсэтиибин сиһилии «Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи, Саҥа дьыллааҕы нүөмэригэр ааҕыҥ.
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…