«Золотая осень» быыстапкаҕа Саха сирэ 103 кыһыл көмүс мэтээли ылары ситистэ
10.10.2022, 15:36
Бөлөххө киир:
Дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка алтынньы 5-10 күннэригэр «Золотая осень» диэн быыстапка-дьаарбаҥка далааһыннаахтык буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ кыттан, 103 кыһыл көмүс мэтээли ылары ситистэ.
Билигин дойду үрдүнэн тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥоруу инники күөҥҥэ сылдьар. Ил Дархан Айсен Николаев тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылартан олохтоох ас-үөл элбээһинэ улахан тутулуктааҕын туһунан этэр. Бу сыалы-соругу олоххо киллэриигэ быйыл Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга 12,5 млрд солк. тыырыллыбыта.
Кыһыл көмүс мэтээли «Саха ынаҕа» тэрилтэ ылбыта махталлаах дьыала. Ол курдук, эттээх уонна үүттээх сүөһүлэрдээх диэн икки номинацияҕа кыһыл көмүс мэтээллэри ылары ситистэ. Маны тэҥэ, Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга уонна пиэрмэрдэри өйүүр киин эмиэ икки кыһыл көмүс мэтээли ылла. Онон Саха сирэ барыта 118 мэтээли ылбытыттан 103-һэ кыһыл көмүс, 9-һа үрүҥ көмүс уонна 6-та боруонса наҕараадалар. Москваҕа ыытыллыбыт «Золотая осень» быыстапка-дьаарбаҥкаҕа Саха сириттэн тиийбит тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылара ыыһаныллыбыт эттэн, балыктан саҕалаан убаһа хаһатын, мас арыытын, сыыр араас көрүҥүн, отонтон оҥоһуллубут утаҕы, үрүҥ ас эгэлгэтин көрдөрдүлэр, амсаттылар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: