Зондировщик сөмөлүөтү Амма улууһугар туһаннылар

Share

Киин аэропуорт обсерваториятын Як-40  зондировщик сөмөлүөтэ өрүс уҥуоргу улуустарынан туһанылынна.

Амма улууһугар ардах түһэрэ күүһүрдүлүннэ. Бу туһунан Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бастакы вице-премьера Дмитрий Садовников салайааччылаах ойууру баһаартан харыстыыр суһал ыстааб мунньаҕар иһитиннэрдилэр.

Амма улууһугар ураты ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ. Улуус иһинэн икки ойуур баһаара турбута биллэр. Итиэннэ бэҕэһээ, бэс ыйын 13 күнүгэр, Болугур сэлиэнньэтиттэн 32 км тэйиччи уот күөдьүйбүтэ бэлиэтэннэ. Миэстэтигэр 22 киһи үлэлиир, тыраахтыр туһаныллар. Иккис ойуур баһаара бэс ыйын 9 күнүттэн Өнньүөс нэһилиэктэн 40 км ыраах сиргэ турбута умуоруллар. Баһаар иэнэ бу күннэргэ 470 га диэри тиийдэ, баһаары умуорууга 99 киһи үлэлиир. Ону тэҥэ ЯК-40 Томпо, Таатта уонна Чурапчы улуустарын соҕуруу өттүн территориятынан үлэлээтэ. Уопсайа күҥҥэ 140 пироботуруон ытылынна. Бэс ыйын 13 күнүгэр киэһэтигэр Саха сиригэр 49 ойуур баһаара турбута бэлиэтэнэр. Баһаары бохсууга 700-ча киһи кыттар, 33 тиэхиньикэ үлэлиир. Көтөр аалынан кэтээн көрүүгэ 19 салгын суудуната, Ми-8 бөртөлүөт туһаныллар.

Икки ойуур баһаара 25 тыһ. га иэннээх сиргэ уустук быһыыны-майгыны Томпо улууһугар  үөскэтэр. Манна амфибия Бе-200 барыта 45 туонна ууну бырахта. Судургута суох быһыы-майгы Өлүөхүмэ улууһугар 7 ойуур баһаарыттан 20 тыһ. тахса га иэннээх сиргэ уот турбута бэлиэтэнэр. Нэһилиэнньэлээх пууҥҥа куттал суох. Уоту бохсууга 19 киһи үлэлиир.

Ону тэҥэ суһал ыстааб ураты хонтуруолугар Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бэдьимэ сэлиэнньэтиттэн 8,4 км ыраах ойуур баһаара турбута ылылынна. Миэстэтигэр «Якутлесресурс» үлэһиттэрэ үлэлииллэр. Тэрилтэ салайааччыта Виктор Омуков бүтэһик иһитиннэриитинэн, ойуур баһаара улааппат.

Баһаары умуруорууга Саха сиригэр «Авиалесоохрана» 123 үлэһитэ үлэлииллэр, үксүлэрэ Өлүөхүмэ улууһугар. Ону тэҥэ Бурятияттан  50 парашютистар уонна десантниктар тардылыннылар. Өссө эбии Иркутскай уобаластан 50 киһи кэлэрэ күүтүллэр.

Санатан эттэххэ, Саха сиригэр баһаарынай сезон ыам ыйын 6 күнүттэн  аһыллыбыта. Бэс ыйын 11 күнүттэн Саха сиригэр эрэгийиэннээҕи ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ үлэҕэ киирбитэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

17 минут ago
  • Сонуннар

Меркурий «ретрограднай» буолан бүтэрэ чугаһаата

"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…

31 минута ago
  • Быһылаан

Тулагыга суоппар массыынатын суулларан баран, саахал буолбут сириттэн куоппут

Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…

47 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсө түннүккэ георгин сибэккилээтэ

Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…

1 час ago
  • Сонуннар

Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…

1 час ago
  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

1 час ago