Саха сирин уопутугар олоҕуран, искусственнай ардаҕы түһэрэр зондировщик-сөмөлүөттэр Дьокуускайга уонна кэккэ улуустарга буруону аҕалбыт атын эрэгийиэннэргэ баһаары умуруорууга көмөлөһүөхтэрэ.
«Авиалесоохрана» тэрилтэ иһитиннэрэринэн, бэнидиэнньиктэн Ан-26 сөмөлүөт өрөспүүбүлүкэ Хабаровскай кыраайы кытары кыраныыссатыгар турбут баһаары умуруорууга күүстээх ардаҕы түһэрэ көппүтэ. Эрдэ Ан-26 «Атмосфера» сөмөлүөт Саха сиригэр Уус Маайа оройуонугар турбут баһаары умуруорууга үлэлээбитэ. Бу туһунан Ленскэй кулууп иһитиннэрэр.
Маннык салгын аалынан баһаары умуруоруу уопута атын дойдуларга даҕаны, эрэгийиэннэргэ даҕаны күүскэ туһаныллар. Оттон Саха сиригэр былырыыҥҥыттан эрэ күүскэ туттуллар. 2022 с. дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Бырабыыталыстыбаҕа уонна Ил Дархан Айсен Николаевка ойуур баһаарын аччатар сыалтан искусственнай ардаҕы түһэрии эспэримиэнин ыыталларыгар сорудахтаабыта. Зондировщик-сөмөлүөт үлэтин түмүгэр оройуоннарга баһаар туруута аҕыйаабыта, ол иһин быйыл эмиэ бу үлэни күүскэ туһанарга быһаарбыттара.
Быйылгы баһаар сезонугар Саха сиригэр икки анал борт – Як-40 уонна Ан-26 тэҥинэн үлэлии сылдьаллар. Иккиэн холбоон 46 көтүүнү оҥордулар, уопсайа 162,5 чаас үлэлээтилэр. Искусственнай ардаҕы түһэрэннэр, баһаар тахсыан сөптөөх сирдэри эрдэттэн сиигирдэр үлэлэри ыыттылар. Оттон от ыйын саҕаланыыта «Авиалесоохрана» тэрилтэ Ан-26 зондировщик-сөмөлүөтэ Алдан, Амма, Нерюнгри уонна Уус Маайа баһаарыгар ардаҕы түһэрэргэ үлэлээбитэ.
Быйыл ортотунан 86% былыкка дьайыы сөҥүү түһэригэр көмөлөстө. Искусственнай ардаҕы түһэрии, кыра сиргэ бөртөлүөтүнэн ууну кутуутааҕар уратыта – баһаар турбут сиригэр бүтүннүүтүгэр түһэн уоту намтатар.
«Авиалесоохрана» начаалынньыга Кирилл Провин бэлиэтээбитинэн, маннык технология үчүгэй түмүгү көрдөрдө: искусственнай ардах 67% дохсуннук түспүтэ.
Онон экологтар эмиэ искусственнай ардаҕы түһэрии маннык быраактыката ордугун бэлиэтииллэр. «Бу олус көдьүүстээх ньыма. Ойуур сиигирэн, уот туруута аччыыр. Аны реагеннара олус ыарахана суохтар, онон сөмөлүөтү туһаныы эрэ ороскуота улаатар. Ол иһин, кылаабынайа – уоттан тахсар хоромньуну сөпкө сыаналыахха наада», – диэн этэр МГУ сир кырсын үөрэтэр факультетын деканын солбуйааччыта, биология билимин хандьыдаата Елена Тимофеева.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…