Зоя Харлампьева: «Умнумаҥ, хорсун буойуттары!»
Куонкурус иккис кыттааччыта Бүлүүттэн Зоя Харлампьева:
Умнумаҥ, хорсун буойуттары!
Саппаҕа суох ыраас чаҕыл халлаан,
Күммүт тыган, күлэ күлүмнүүрэ.
Саҥа төбөтүн өндөтө сатаан
Көҥүл олох үтүөнү түстүүрэ.
Дьон-сэргэ санаата көнньүөрбүтэ,
Үлэҕэ үөрүүнэн туруммута,
Батталтан оронуон баҕарбыта,
Саҥалыы олоруон санаммыта.
Киһи киэбиттэн киэр хайыспыттар,
Обот обоччотугар ылларбыттар,
Өлөрөр-өһөрөр ыйаахтмаммыттар,
Сылаас хааҥҥа тууһугурбуттар,
Тапталлаах Аҕа дойдубутугар
Уоран сэриинэн түспүттэрэ,
Көҥүл, эйэлээх олохпутугар
Өлүү өһөх тыынын үрбүттэрэ.
Уоттаах сэрии дьону аймаабыта,
Хааннаах баттык ыга баттаабыта.
Сут-кураан ыксары ыпсыспыта,
Имири эһэрдии эпсиспитэ.
Олоҕу тутуохтаах ыччаттарбыт
Иэстэрин төлүү аттаммыттара.
Хаххалыахтаах чиргэл эркиннэрбит
Саҕахха сүтэн умсубуттара.
Ханнык сир халлаанын анныгар
Сырдык тыыҥҥыт быстыбытай?
Мэйиигит тиһэх күлүмүгэр
Тугу санаан ылбыккытый?
Хоруй суох. Уу-чуумпу. Оо, абатыан!
Ийэ сүрэҕэ биттэнэ кыланна!
Тыла суох барбыт эдэркээн саллаат
Өлүк буолан көһүйэн көһүннэ.
Толукка барбыт сырдык тыына
Кыһыл былыт буолан кыыспыта.
Ыратын кытта сүрэ-кута
Кыталык кыыл буолан көппүтэ…
Аан дойду атыйахтаах уу курдук
Өлөрсөөрү эмиэ иирэн турда,
Иһийбит өс тиллэн өссө ордук
Үүнэ-тэһиинэ суох илэ барда.
Аат-суол былдьаһыыта алыстаата,
Илин-кэлин түсүһүү муҥнаата.
Кэлбит үйэ кэдэрги сайынна.
Үүммүт үйэ үрдэ үрэлиннэ.
Эмиэ эр бэртэрбит эриһэллэр,
Көҥүл олоҕу туруулаһаллар.
Эмиэ өлүү-сүтүү эҥэрдэһэр,
Инникигэ эрэли тургутар..
Өһөхтөөх санаалаах өһүөнүттэн
Өһөн бэринэн барымыаххайыҥ!
Өрөгөйдөөх олох көҕүлүттэн
Төлкөлөөх түөрэҕи түстүөххэйиҥ!
Сир-буор уйбат хара санаалара
Бэйэлэрин диэки иэҕилиннин!
Сааппат-харбат нэгэй быһыылара
Ыар иэстэбилинэн эргилиннин!
Умнумаҥ, сураҕа суох сүппүттэри,
Олохторун толук уурбуттары,
Мэлдьи эдэр сырдык мөссүөннэрин!
Саҕахтан кыыһар истиҥ мичээрдэрин!
Зоя Харлампьева, Бүлүү, Илбэҥэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: