Салгыы
“Звезднай” оройуоҥҥа көһүү саҕаланан эрэр

“Звезднай” оройуоҥҥа көһүү саҕаланан эрэр

21.04.2023, 14:00
Бөлөххө киир:

Автодорожнай уокурук «Звезднай» оройуонугар ааспыт сайын тутулла турдаҕына сылдьан турардаахпын. Оччолорго биэстии этээстээх дьиэлэр саҥа дьэндэһэн эрэллэрэ. Тиэхиньикэ бөҕө, тыас-уус, үлэ-хамнас күөстүү оргуйа турара. Хаһан барыта тутуллан үлэҕэ киирэрэ буолуой диэн санаан аһарбытым. Онуоха номнуо сэттэ дьиэ тутуллан дьэндэһэ охсубут, биир бастакынан биэс этээстээх 1-кы куорпус дьиэтин күлүүстэрин хаһаайыннарга  туттартаан эрэллэр эбит.

Нэлэмэн тэлгэһэҕэ…

Тиийбитим, тиэхиньикэ, тыас-уус суох. Үлэһиттэр биирдиилээн көстөллөр. Дьонтон ыйыталаһа-ыйыталаһа, ханнык дьиэ үлэҕэ киирбитин көрө, билсэ диэн «Звезднай» оро­йуон тэлгэһэтин устун хаамтым. Саҥа өрөмүөннэнэн бүппүт бастакы куорпус диэн ааттанар саҥа дьиэ аанын аһан киирдим. Төһө да аҕыйахтыы этээстээх буоллар, дьиэлэргэ барытыгар лииптээхтэр, аллараа этээскэ оҕо кэлээскэлэрин, бэлисипиэт уурар туспа кэҥэс хос баарын сөбүлүү көрдүм. Арай дьиэлэр болкуоннара өстүөкүлэтэ суох­тара дьиктиргэттэ. Быйылгы курдук элбэх хаар үллүктээтэҕинэ, хаһааныллыбыт аһы-үөлү хаар анныттан булар уустук буолууһу.

Куорат кииниттэн –куорат уһугар…

– Иккис этээскэ дабайбытым, бары кыбартыыралар лип хатааһыннаахтар. Арай биир кыбартыыраттан икки оҕону батыһыннарбытынан ыал аҕата тахсан кэллэ.  Дорооболоһон, кэпсэтэн билбитим, Уваровскайдар дьиэ кэргэн дьиэ күлүүһүн саҥа ылан кыбартыыраларын көрө сылдьаллар эбит. Хаһыаттан сылдьарбын истэн, дьиэҕэ киллэрэн кэрийтэрэн көрдөрдүлэр. Ыал аҕата Дмитрий Уваровскай:

– Биһиги дьиэ кэргэн икки оҕолоохпут. Дзержинскэй уулусса 50 №-дээх мас дьиэтиттэн көһөн кэллибит. Дьиэбит хаарбах туруктааҕын туһунан 2016 сыллаахха биллэриллибитэ. Күлүүспүтүн бүгүн олох-дьаһах сыһыаннаһыытын (ДЖО) департаменыгар туттардылар. Бу саҥа ­дьиэбитин, олоруохтаах оройуоммутун көрө-билсэ кэллибит. Көрөргүт курдук, икки хостоох дьиэни биэрдилэр. Урукку дьиэбит 50 кв.м иэннээх этэ, саҥа дьиэбит – 58 кв.м. Саҥа ­дьиэҕэ кэлэн тус бэйэм астынным. Оҕолорбут анараа 16 №-дээх оскуолаҕа дьиэлэрин таһыгар үөрэнэллэр этэ. Үөрэх дьылын ол оскуолаҕа түмүктүөхтэрэ. Дзержинскэй уулуссатыгар, куорат киинигэр олорбут буолан арай манна, куорат уһугар кэлбиппитин кэргэним соччо сөбүлээбэтэ да, хайыахпытый? Олорон истэххэ көстүөҕэ.

Уваровскайдар икки хос­тоох кыбартыыралара кэҥэс. Аныгылыы былаанынан киирии аан хоһо бэйэтэ уту­йар хос саҕа. Дьиэ эркиннэрэ сиэрэйдиҥи сырдык өҥүнэн кы­­рааскаламмыт. Муостата – линолеум. Бу дьиэлэргэ гаас ситимэ суох эбит. Куукунаҕа духуопкалаах оһох көстөр.

«Таас дьиэҕэ тиксэр күннээх эбиппит…»

Дьиэттэн тахсан иһэн аллараа этээскэ иккис киһибин көрүстүм. Бастаан үлэһит дии санаан ыйыталаспытым, бу дьиэҕэ түөрт хостоох дьиэ­ҕэ көһөн кэлбит элбэх оҕо­лоох ыал аҕата Леонид эбит, кини араспаанньатын этэртэн, хаартыскаҕа түһэртэн аккаастанна: «Биһиги Свердлов уулуссатыгар баар били айдаан­наах, сууллубут үрдүлээх дьиэттэн көһөн кэллибит. Уон сылы быһа эккирэтиһэн-эккирэтиһэн дьэ,  таас дьиэҕэ тиксэр күннээх эбиппит. Элбэх оҕо­лоох буоламмыт, түөрт хос­тоох дьиэни биэрдилэр. Дьиэ иһэ барыта өрөмүөннэммит, урукку дьиэлэр курдук обуой буолбатах. Кырааска, хаачыстыба­лаах линолеум диэн бэлиэтиэххэ наада. Арай болкуоннара аһары кыралар уонна өстүөкүлэнэн бүрүллүбэтэх. Урукку дьиэбит иэнэ билиҥҥибитинээҕэр кыра этэ».

Мархаттан – ДСК-ҕа

Ириналаах Александры «Звезднай» оройуонтан тахсан иһэн көрүстүм. Ирина, Александр Ива­новтар, Дьокуускай:

– Биһиги бу “Звезд­най» оройуоҥҥа кыбартыыраҕа дьэ, тигистибит. Күлүүспүтүн ааспыт нэдиэлэҕэ биэрбиттэрэ. Ситэри көһөн кэлэ иликпит. Биһиэхэ икки хостоох кыбартыыраны биэрдилэр. Бу иннинэ Мархаҕа Газовиктар уулуссаларыгар хаарбах дьиэҕэ олорбуппут. Дьиэбитин 2015 сыл­лаахха хаарбах диэн билиммиттэрэ, икки сыллааҕыта биһигини саҥа дьиэҕэ көһөрөр туһунан иһитиннэрбиттэригэр төһөлөөх үөрбүппүт буолуой? 13 сыл устата сиргэ тимирэн эрэр дьиэҕэ олорон эрэй бөҕөтүн көрбүппүт. Дьон хаамар суола түннүкпүт үрдүнэн көстөрө, аны саас ахсын хаар уулунна да дьиэбит анна уунан туолара. Кэтэһэн, кэтэһэн дьиэбит күлүүһүн бу күннэргэ тутан үөрүүбүт муҥура суох. Бэлэм өрөмүөннэммит, суунар бааннай хостоох, электрическэй оһохтоох, киир да олор дьиэни биэрбиттэригэр махталбыт улахан. Сотору кэминэн ос­­куола, бары наадыйар социальнай тэрилтэлэрбит тутуллан, оптуобус тохтобула эбиллэн, сырыы-айан табылыннаҕына, наһаа үчүгэй буолуо этэ.

«Звезднай» оройуоҥ­ҥа хаарбах дьиэттэн көһөн кэлээччилэргэ сыыйа күлүүстэрин туттартаан эрэллэр. Сотору кэминэн бу оройуоҥҥа олох-дьаһах күөстүү оргуйуо турдаҕа…

Сыыппаралар

“Звезднай” оройуоҥҥа 2023 сыл бүтүөр диэри

7 дьиэ үлэҕэ киириэхтээх.

Инникитин бу оройуон өссө кэҥээн

72 дьиэ тутуллара былааннанар.

Барыта

573 дьиэ кэргэн хаарбах дьиэттэн көһөн кэлэрэ былааннанар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: