«Звезднай» түөлбэ боппуруоһа быһаарыллар
Бүгүн, алтынньы 16 күнүгэр, күнүс «Саха» ГТРК «Россия 24» ханаалыгар «Прямой разговор» биэриигэ Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпииригэр Дьокуускайга баар «Звезднай» түөлбэ кыһалҕата эмиэ ахтылынна.
Айсен Николаев «Звезднай» түөлбэҕэ тутуллубут саҥа дьиэлэри барыларын хочуолунай итиинэн хааччыйар, ол эрээри тохсунньу 1 күнүттэн түөлбэ бүтүннүү улахан кыамталаах саҥа тутуллубут хочуолунайга холбонуо диэтэ. «Оттон уотунан хааччыйыыга боппуруос суох. Уунан хааччыйыы былаан быһыытынан барар, оттон канализация систиэмэтин «Водоканал» тэрилтэ 2025 с. тардан бүтэриэхтээҕин, түөлбэ аһара түргэнник кэҥээн эрэринэн көрдөһөммүт сыл бүтүүтэ ситэриэхтээхтэр», — диэн эбэн эттэ.
«Ис суолу тутуу туһунан бу күннэргэ дьүүллэстибит, кыһалҕалаах боппуруостар бааллар. Сорудах биэрэммин, үлэ бара турар. Уулуссаны сырдатыы үлэтэ эмиэ тэтимирдэ. Бу түөлбэ олус түргэнник сайдар, кэҥиир, онон инфраструктураны сайыннарыы биир сүрүн сорукпут буолар», — диэтэ Ил Дархан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: