«Звезднайы» сайыннарыахтара
Дьокуускайга «Звезднай» саҥа түөлбэ ураты поликлиникаланыа.
«Воинская часть» («Звезднай») түөлбэни кэлимник тутуу» далааһыннаах инвестиционнай бырайыагы олоххо киллэрии иитинэн, олорор дьиэлэри уонна социальнай эбийиэктэри туталлар. Манна кыбартаалы бырайыактааһын саҕана поликлиниканы тутары былааннаабыттара.
«Дьокуускай куораттааҕы 3 №-дээх балыыһа өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай ааҕыныстыбаны (РИА) кытта бииргэ бу поликлиника бырайыагын торумнуурга кыттыыны ылбыттара. Манна сүрүн исписэлиистэри таһынан, саҥа поликлиникаҕа эмтээн чэбдигирдиигэ уонна чөлүгэр түһэриигэ эбии отделениелар наадаларын туһунан киллэриллибитэ. Бу мэдиссиинэ көмөтүн миэстэтигэр оҥорууну кэҥэтэргэ кыаҕы биэриэ. Бырайыак бэлэм кэриэтэ буолла, онон чугастааҕы кэмҥэ судаарыстыба эспэртиисэтигэр барыаҕа. Ол кэнниттэн тутуу саҕаланыа«, — диэн этэр кылаабынай быраас Светлана Давыдова.
Кини этэринэн, саҥа микрооройуоҥҥа 11 тыһ. кэриҥэ киһи олоруохтаах. Оччотугар 3-с нүөмэрдээх поликлиникаҕа ноҕорууската улаатар. Холобур, Лермонтов уул. 121 нүөмэригэр, сүрүн эбийиэги тутууга, былаанынан симиэнэҕэ 600 киһи сылдьара көрүллүбүтэ. Ол эрээри, бүгүн балыыһаҕа барытыгар симиэнэҕэ 1,5 тыһ. киһи сылдьар. Онон саҥа поликлиника киириитэ сүрүн эбийиэк үлэтигэр тирэх буолара саарбахтаммат.
Билигин Дьокуускай куораттааҕы 3 №-дээх балыыһа саҥа поликлиника үлэҕэ киирэригэр номнуо бэлэмнэнэр. Каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ, үлэни кэҥэтиигэ ылыстылар. Балыыһа кэлэктиибэ мэдиссиинэ хайысхатыгар эмтээн чэбдигирдиигэ уонна чөлүгэр түһэриигэ үлэҕэ эбии лиссиэнсийэ ыларга бэлэмнэнэр. Маны сэргэ, саҥа түөлбэ олохтоохторун учуоттаан, ийэ буолааччыларга сүбэни-аманы биэрэр отделениены кэҥэтэргэ, эбии терапевт, педиатр учаастактарын киллэрэргэ болҕомтолорун уураллар.
Бэлиэтээн эттэххэ, поликлиника үс мэндиэмэннэнэр, уопсай иэнэ 10 тыһ. кв.м. Тутуу аныгы табыгастаах эйгэ ирдэбилигэр сөп түбэһиэхтээҕэ учуоттанар.
Дьокуускай куораттааҕы 3 №-дээх балыыһа пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: