Ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр, туоратар хамыыһыйа мунньаҕын түмүгүнэн, вице-премьер Дмитрий Садовников Халыма өрүскэ уу таһыма үрдээн иһэринэн, Үөһээ Халыма улууһугар сорох дьону көһөрөр үлэни эрдэттэн саҕалыырга сорудахтаата.
— Халыма өрүс эрдэлээн эһиннэ. Зырянка бөһүөлэгин аттынан харыы тахсан, уу таһыма үрдээтэ. Онон ыксаллаах балаһыанньаҕа эрдэттэн бэлэм буолуохтаахпыт. Ууга барыан сөптөөх дьиэлээх дьону быстах кэмҥэ олорор пууннарга, эбэтэр, аймахтарыгар көһөрүөххэ наада, — диэн кини эттэ.
Билиҥҥитэ Өлүөхүмэ уонна Ньурба улуустарыгар балаһыанньа өссө да кытаанах, онон эбии дэлби тэптэрэргэ быһаарбыттара.
Мунньахха Дмитрий Садовников уот суох сирдэригэр элэктэриичистибэни чөлүгэр түһэрэр үлэни түргэтэтэргэ сорудахтаата. Уу таһыма түспүт улуустарыгар ороскуоту ааҕыы-суоттаныы үлэтэ түргэтиэхтээх.
Өрүстэргэ балаһыанньаны түргэнник билсэргэ 200-тэн тахса гидрологическай постар тэриллибиттэрэ. Нэһилиэнньэни көһөрүүгэ 267 быстах кэмҥэ олорор пууннары бэлэмнээбиттэрэ. Манна 23,2 тыһыынча киһи быстах кэмҥэ олоруохтарын сөп. Өлүөнэ, Алдан, Халыма, Ама, Ньүүйэ, Токко өрүстэргэ харыы тахсыан сөптөөх 79 сиргэ мууһу чарааһатар үлэлэр ыытыллыбыттара.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга Арассыыйаҕа хамнас муҥутуур алын кээмэйин 22 440 солк. аныырга…
ХОЙ Айар эйгэлээх хойдорго үтүө кэм. Атын омук тылын үөрэтэргэ, саҥаны ылынарга сөптөөх кэм үүммүт.…
Саха сиригэр сэтинньи 1 күнүгэр үгүс оройуоннарынан хаар түһэрэ күүтүллэр. Хотугулуу-илин өттүгэр сөҥүүтэ суох. Кыра…
Сэтинньи саха саамай сүгүрүйэр ыйа -- өбүгэ Байанайы кытта ыкса сибээстиирэ. Махталлаах булчукка Байанай хара…
Бу туһунан бүгүн #МЫВМЕСТЕ эрэгийиэннээҕи салаатын салайар Айыллаан Винокуров эттэ. "Ыстаап халыҥ таҥаһы-сабы, наадалаах малы-салы уонна…
Оҕолор снегоходунан Бүлүү эбэни туоруур видеолара тарҕанна. Суруйбуттарынан Үөһээ Бүлүү улууһугар диэбиттэр. Бу туһунан Саха…