Зырянкаҕа сөмөлүөттэр эбии көтүөхтэрэ
Бүгүн быһа эпииргэ Ил Дархаҥҥа Үөһээ Халыма оройуонугар көтөргө билиэт суоҕа эрэйдиирин эттилэр.
Маныаха Ил Дархан Зырянкаҕа эбии авиарейстэр баар буолуохтарын туһунан иһитиннэрдэ.
«Зырянкаҕа ити кыһалҕа баарын туһунан суруйан тураллар. Дьон билиэт барыта атыыга барбыт, кыайан көппөт буоллубут дииллэр. Онон эбии рейстэри оҥорорго сорудах бэриллибитэ. Бу ый устатыгар сөмөлүөттэр эбии көтүөхтэрэ. Наада буоллаҕына, «Полярные авиалинии» эбэтэр «Якутия» авиахампаанньалары кытары өссө төгүл кэпсэтиэхпит», — диэн эттэ.
Маны сэргэ, Ил Дархан чугастааҕы кэмҥэ оройуоннар икки ардыларыгар рейстэри оҥоруу туһунан боппуруос көрүллүөхтээҕин бэлиэтээтэ. Ол иһигэр Зырянка — Уһун Күөл эмиэ киирэр.
Дьокуускай — Зырянка маршрутунан»Полярные авиалинии» салгын ааллара нэдиэлэҕэ үстэ көтөллөр. Дьону-сэргэни тырааныспарынан хааччыйар туһуттан, атырдьах ыйын 5 күнүгэр эбии рейстэр оҥоһуллубуттар. Итини таһынан эбии рейстэр атырдьах ыйын 19 күнүгэр былааннаммыттар.
Айанньыттар билиэти авиакаассалартан ыйыталаһан, авиахампаанньа официальнай саайтыттан билиэхтэрин сөп.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: