Салгыы
Зырянкаҕа уонна Орто Халымаҕа аһы-үөлү Владивостоктан тиэйэллэр

Зырянкаҕа уонна Орто Халымаҕа аһы-үөлү Владивостоктан тиэйэллэр

31.07.2023, 09:00
Хаартыска: "Якутоптторг" тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Бу сайыҥҥыттан “Якутоптторг” хампаанньа дьоҕус суудунанан Владивосток куораттан ыраах хоту бөһүөлэктэргэ, ол иһигэр Зырянкаҕа уонна Орто Халымаҕа ас-үөл таһар кыахтанна. Бу үлэ хайдах ыытылла турарын туһунан тэрилтэ исписэлиистэриттэн туоһуластыбыт.

“Фрейр” дьоҕус суудуна

2019 сылтан саҕалаан сайыҥҥы кэмҥэ Арктика өрүстэрин уута улаханнык түһэр буолан, навигация кэмигэр “Якутоптторг” хампаанньа суудуналара кыайан Халыма өрүскэ киирбэт буолбуттара. Онтон сылтаан Орто Халыма уонна Зырянка сэлиэнньэтин бородууксуйанан хааччыйыы уустугурбута. Арктика оройуоннарыгар навигация от ыйын 20 күнүгэр эрэ аһыллар буолан, сайыҥҥы кэмҥэ Халыма оройуоннарын бородууксуйанан хааччыйыы толору туолбат буолбута.

Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, Арктика оройуоннарын тиһигин быспакка бородууктанан хааччыйар сыалтан, “Якутоптторг” хампаанньа бэйэтин күүһүнэн 8 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах таһаҕаһы тиэйэр кыахтаах “Фрейр” дьоҕус суудунаны тутан, быйылгы навигацияҕа туһанан эрэр.

Бэс ыйыгар “Фрейр” суудунаны массыына суолунан Магадан уобалаһын Сеймчан бөһүөлэгэр илдьибиттэр. Онон саҥа устар аал “Актер” диэн ааттаах өссө биир атын суудунаны кытта Зырянкаҕа уонна Орто Халымаҕа араас табаары таһар буоллулар. Ол иһигэр фруктаны, оҕуруот аһын, куурусса сымыытын, үрүҥ аһылыгы, кэнсиэрбэлэри, утахтары, бурдук аһылыгы уо. д.а.

Таһаҕаһы Владивосток куоракка бэлэмнииллэр. Мантан контейнердары уу тырааныспарынан Магадан уобалаһыгар таһаллар, онтон Сеймчан пуордугар массыынанан илдьэллэр.

От ыйын 24 күннээҕи туругунан, Сеймчантан “Фрейр” уонна “Актер” суудуналарынан 5 эриэйсэ оҥоһулунна. Уопсайа 48,3 туонна ас-үөл тиэйилиннэ. Үс эриэйсэ Зырянкаҕа диэри оҥоһуллубут. Бөһүөлэккэ барыта 18,3 туонна бородууктаны илдьибиттэр, ол иһигэр 6,1 туонна фруктаны уонна оҕуруот аһын, 3 туонна үрүҥ аһы, 3 туонна куурусса сымыытын, 1,6 туонна утаҕы, ону таһынан бурдук аһылыгы уонна да атын табаардары.

Хаалбыт икки эриэйсэ Орто Халымаҕа тиийбит. Уопсайа 30 туонна бородуукта тиэйиллибит, онтон 20 туонна фрукта уонна оҕуруот аһа, 2 туонна үрүҥ ас, 2 туонна сымыыт, 1,2 туонна утах, 1,5 туонна кэнсиэрбэлэр, ону таһынан бурдук аһа уо. д.а. табаардар.

От ыйын 25 күнүгэр Владивосток куораттан Сеймчаҥҥа 21 туонна аһы-үөлү тиэммит үһүс контейнер тиийдэ. Манна 13 туонна фрукта уонна оҕуруот аһа, 3,6 туонна куурусса сымыыта, 300 кг сибиэһэй сүөгэй, 2,4 туонна халбаһы, ону таһынан араас кэнсиэрбэлэр, бурдук аһа уо. д.а. табаардар кэлбиттэр.

Уопсайа навигация кэмигэр Сеймчан — Зырянка — Орто Халыма хайысханан 120 туонна ас-үөл тиэйиллэрэ былааннанар.

СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко бэлиэтээбитинэн, “Фрейр” суудуна үлэлээн хоту уонна Арктика оройуоннарыгар навигация үчүгэй көрдөрүүлээх аастаҕына, өссө маннык табаары таһар дьоҕус суудуналары тутан саҕалыахтара.

Сүрүн табаар таһааччы

“Бүгүҥҥү күҥҥэ “Якутоптторг” АУо социальнай суолталаах табаардары таһар соҕотох судаарыстыбаннай тэрилтэ буолар. Биһиги билигин ыраах сытар, суола-
ииһэ суох 237 нэһилиэккэ, ол иһигэр 16 хоту уонна Арктика оройуоннарыгар, 4 Бүлүү бөлөх улуустарыгар, 8 киин уонна илин эҥээр улуустарыгар табаар тиэйэбит”,  — диэн “Якутоптторг” генеральнай дириэктэрэ Николай Алексеев бэлиэтээтэ.

Билигин хампаанньа Саха сирин 19 оройуонугар бэйэтэ кууһунан атыылыыр баазалаах, барыта холбоон 42 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх 50 ыскылааттаах. Манна уопсайа 17,3 тыһ. табаары хаһаанар миэстэлээх.

Ону таһынан, Ил Дархан Айсен Николаев «СӨ Арктикатааҕы зонатын 2035 сылга диэри социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын стратегиятын туһунан» ыйааҕынан, Арктика оройуоннарыгар эргиэн-логистика кииннэрэ тэриллэллэр. Ил Дархан сорудаҕынан, 2025 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ 13 арктическай оройуона эргиэн-логистика кииннэниэхтээх. Билиҥҥитэ биэс киин: Абый Белай Горатыгар, Усуйаана Уус Куйгатыгар, Аллараа Халыма Черскэйигэр, Анаабыр Сааскылааҕар үлэлииллэр. Үөһээ Халымаҕа Зырянкаҕа уонна Орто Халымаҕа атырдьах ыйыгар арыллыахтара.

“Биһиги сыл ахсын социальнай суолталаах табаардары таһыыны элбэтэн иһэбит. Холобур, 2018 сыллаахха барыта 6 тыһ. туонна табаар тиэ-
йиллибит буоллаҕына, 2021 сыл түмүгүнэн бу көрдөрүү 11 тыһ. туоннаҕа диэри үрдээбитэ”, — диэн кэпсиир Алексеев.

Дуумаҕа “Хотугу таһаҕаһы таһыы” туһунан сокуон ылылынна

От ыйын 20 күнүгэр Судаарыстыбаннай Дуумаҕа “Хотугу таһаҕаһы таһыы” туһунан сокуон көрүллэн ылылынна. Куоластааһыҥҥа сокуону өйөөбүт дьон ахсаана 394 буолла — биир да утарар киһитэ суох олоххо киирдэ. Бу күҥҥэ диэри хотугу тиэйиини хааччыйар тус сокуон суоҕа.

Арассыыйа 25 эрэгийиэнигэр 300 мөл. тахса киһи олоҕо хотугу таһаҕаһы тиэйиини кытта быһаччы сибээстээх, ону урут өйдөөбөт буоланнар, сокуонунан бигэргэнэ илигэ. Баччаҕа диэри бу эрэгийиэннэр кыһалҕаларын бэйэлэрэ эрэ быһааран кэллилэр. Арай, бу саас Бэрэсидьиэн Владимир Путин Арктика сайдыытыгар туһуламмыт мунньахха хотугу таһаҕаһы тиэйиигэ сокуону оҥорорго сорудахтаан, хамсаныы түргэнник баран эрэр диэххэ сөп. Арассыыйа хотугу таһаҕаһын 50% Саха сиригэр тириэрдиллэр. Билигин бэрээдэктээһин суоҕуттан таһаҕаһы тириэрдии хойутуур, аны табаар бэйэҕэ турар сыаната уһук хоту хас эмэ төгүл үрдээн тиийэр.

Бу сокуон барылыгар, бастатан туран, тимир суол, уу уонна массыына суолларын, өрүс, муора суолунан сырыы инфраструктуратын оҥоруу ыйыллар. Ол аата, хотугу таһаҕаһы
тириэрдии суола-ииһэ, болдьоҕо, үбүлээһинэ чопчу быһаарыллыа.

Бу сокуонунан боломуочуйалары бары тустаах тэрилтэлэр икки ардыларыгар түҥэтэр, табаары атыылааһыны уонна тиэйиини бэрээдэктиир, бары кэрдиискэ хонтуруоллуур чопчу мэхэньиисим оҥоһуллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: