Зырянкалар саҥа дьиэҕэ киирдилэр
В.Путин Федеральнай Мунньахха Анал этиитигэр федеральнай бырагыраама көмөтүнэн эрэгийиэннэр саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүүнү тэтимирдибиттэрин бэлиэтээбитэ.
“Уопсайынан ыллахха, кэнники 16 сыл устата саҥа кыбартыыраларга биир мөлүйүөн 730 тыһыынча киһи көһөрүлүннэ. Онон бу кэлэр алта сылга бу тэтими ыһыктыа суохтаахпыт. Бырабыыталыстыба саахалланар дьиэттэн-уоттан дьону көһөрүү саҥа бырагырааматын үлэлэтэригэр сорудахтыыбын”, — диэбитэ Бэрэсидьиэн этиитигэр.
Ол дьиҥнээх туоһутунан бүгүн өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев видеокэмпириэнсийэ сибээһинэн Үөһээ Халыма улууһун Зырянка бөһүөлэгэр 45 кыбартыыралаах олорор дьиэни арыйыыта буолла.
Үөрүүлээҕэ диэн бу хоту сытар бөһүөлэккэ хаарбах дьиэҕэ олорбут дьон саҥа дьиэлэннилэр, онон кинилэргэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга олорор дьиэлэрин күлүүстэрин туттардылар. Бу түөрт этээстээх дьиэ уопсай иэнэ 3 тыһ. тахса кв.м. Тустаах эбийиэги дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыагын чэрчитинэн олоххо киирэр саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматынан тутулунна.
Онон, Зырянкаҕа Прокопьев уулуссатыгар үлэҕэ киирбит дьиэ олохтоохторун үөрүүлэрэ муҥура суох. Кинилэр Саха сирин Ил Дарханыгар А.Николаевка дириҥ махталларын тиэрдэллэр уонна бу курдук хоту дойдуга саҥа дьиэлэр дьэндэһэн иһэллэригэр баҕараллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: