Салгыы
10 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 900 мөлүйүөн солкуобайы дьон сылдьар эйгэтин тупсарыыга ыытыахтара

10 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 900 мөлүйүөн солкуобайы дьон сылдьар эйгэтин тупсарыыга ыытыахтара

22.12.2023, 14:00
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

2024 сылга 10 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 900 мөлүйүөн солкуобайы уопсастыбаннай эйгэни  тупсарыыга биэриэхтэрэ. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев эттэ.

Бу үп федеральнай бүддьүөттэн көрүллүөҕэ.

“Саха сирэ Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус Уһук Илиннээҕи түһүмэҕэр бастаабыта. Саха сирин 10 муниципалитета бэйэлэрин бырайыактарын олоххо киллэриигэ 900 мөл солкуобайы ылар буоллулар. Эһиил бу үбүнэн 9 оройуон киинигэр уонна Жатайга дьон сылдьар эйгэлэрэ тутуллуоҕа”, — диэтэ Айсен Николаев.

Ол курдук, Ленскэйгэ сатыы киһи хаамар зоната, Мүрү күөлүн кытыла, Бүлүүгэ – “Ыллыыр кумах” кытыл, Жатайга – В.П.Шамшин аатынан бульвар, Бэрдьигэстээххэ уонна Орто Халымаҕа Кыайыы болуоссаттарын саҥардыы, Үөһээ Бүлүүгэ – И.Н.Барахов скверэ, Майаҕа – “Кыайыы аартыга”, Мииринэйгэ куорат пааркатын саҥардыы, Нерюнгригэ – култуура пааркатын оҥоруохтара.

Айсен Николаев быйыл куораттары уонна сэлиэнньэлэри тупсарыыга 3 млрд кэриҥин биэрбиттэрин эттэ. Ол курдук, быйыл 34 муниципальнай тэриллиигэ 93 эбийиэги тупсарбыттар.

“Оройуоннарга сылдьан дьон тупсаран оҥоруу бырайыактарыгар ис сүрэхтэриттэн кытталларын көрдүм”, — диэн бэлиэтээтэ кини.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 мая
  • 7°C
  • Ощущается: 6°Влажность: 45% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: