100 саастаах Анастасия Афанасьева дьиэтиттэн куоластаата

100 саастаах Анастасия Афанасьева дьиэтиттэн куоластаата

Ааптар:
15.03.2024, 14:42
Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын хаартыската.
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат 723-с №-дээх быыбардыыр учаастагын үлэһиттэрэ 100 саастаах  Анастасия Афанасьева дьиэтигэр сырыттылар. Куорат ытык саастаах олохтооҕо биир даҕаны быыбары көтүтэ илик, куолаһын биэрэригэр кыах биэрбиттэригэр махталын тиэрдэр. Бу туһунан куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Анастасия Афанасьева 53 сылтан тахса кэм устата Аллараа Халымаҕа олорбут, онно нотариальнай хонтуораны аһан үлэлэппит. Онтон Дьокуускай төннөн, киин куорат тупсубутуттан соһуйбутун туһунан кэпсиир.

Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын хаартыската.

«Манна туох баар усулуобуйа барыта баар, биһиэхэ, кырдьаҕастарга болҕомто уураллар. Социальнай харалта олус үчүгэйдик үлэлиир. Биһиги үтүө дойдуга олоробут, күүстээх салайааччылардаахпыт, бары сөптөөх быыбары оҥороргутугар ыҥырабын», — диир Анастасия Петровна.

Бочуоттаах быыбардааччыга бэлэх туттардылар, кытаанах доруобуйаны баҕардылар. Анастасия Афанасьева этэринэн, кини чөл олоҕу тутуһар буолан уһун үйэлэммит.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: