Дьокуускай куорат 723-с №-дээх быыбардыыр учаастагын үлэһиттэрэ 100 саастаах Анастасия Афанасьева дьиэтигэр сырыттылар. Куорат ытык саастаах олохтооҕо биир даҕаны быыбары көтүтэ илик, куолаһын биэрэригэр кыах биэрбиттэригэр махталын тиэрдэр. Бу туһунан куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Анастасия Афанасьева 53 сылтан тахса кэм устата Аллараа Халымаҕа олорбут, онно нотариальнай хонтуораны аһан үлэлэппит. Онтон Дьокуускай төннөн, киин куорат тупсубутуттан соһуйбутун туһунан кэпсиир.
«Манна туох баар усулуобуйа барыта баар, биһиэхэ, кырдьаҕастарга болҕомто уураллар. Социальнай харалта олус үчүгэйдик үлэлиир. Биһиги үтүө дойдуга олоробут, күүстээх салайааччылардаахпыт, бары сөптөөх быыбары оҥороргутугар ыҥырабын», — диир Анастасия Петровна.
Бочуоттаах быыбардааччыга бэлэх туттардылар, кытаанах доруобуйаны баҕардылар. Анастасия Афанасьева этэринэн, кини чөл олоҕу тутуһар буолан уһун үйэлэммит.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…