Хаартыска: Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Анна Уларова салайааччылаах Өргүөт уонна Быракаан нэһилиэктэринэн «Социальный десант» ыытылынна.
Үөһээ Бүлүү улууһун социальнай хайысхалаах тэрилтэлэрин салайааччылара, исписэлиистэрэ олохтоох нэһилиэнньэни кытта көрсөн үлэлээтилэр. Биэнсийэлээхтэр уонна страховой пуонда салайааччыта Альбина Николаева биэнсийэҕэ тахсаары сылдьар олохтоохтортон эрдэтинэ сайаапка хомуйда, ыйытыыларга хоруйдаата, сүбэлэри биэрдэ. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин исписэлииһэ Е.В. Иванова учуокка турар дьону кытта үлэлэстэ.
Социальнай көмүскэл уонна үлэҕэ социальнай сайдыыга управлениетын салайааччыта Е.В. Николаева, исписэлиис М.И. Роменская социальнай патронажка ыалларынан сырыттылар уонна 2022-23 сс. социальнай хантараак ылбыт олохтоохтору кытта көрсөн, хайдах тэринэн үлэлии олороллорун билистилэр. Анна Михайловна социальнай эбийиэктэри кэрийэн көрдө уонна тэрилтэ салайааччыларын кытта көрсөн үлэ туһунан кэпсэтиини ыытта.
Элбэх өҥөнү оҥорор киин исписэлииһэ К.В. Егорова Өргүөт нэһилиэгэр 12 киһиэхэ, Быракаан нэһилиэгэр 2 киһиэхэ консультация биэрдэ, докумуон оҥотторон баран ылбакка сылдьар дьоҥҥо докумуоннарын бэлэмнээн туттарда.
«Социальнай десант» уопсайа 8 нэһилиэккэ сырытта. Салгыы нэдиэлэҕэ иккилии нэһилиэктэри таарыйан үлэлиирэ былааннанар диэн Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Аҕа дойду уоттаах сэриитин бэтэрээнин, Саха сирин Бочуоттаах олохтооҕун, 101 саастаах Наум Трифонович Слепцову кэлэн…
Ыалдьыты былыр үөрэ-көтө айдааран көрсүбэттэр этэ. Хайдах киһи дьиэҕэ киирбитин дьиэлээх тойон ороҥҥо сытан тута…
Садын оройуонун (билиҥҥитэ Мииринэй) Ботуобуйа сирэ-дойдута былыр былыргыттан дьон аймах сөбүлээн олохсуйбут сирэ буолар. Олохтоохтор…
Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 80 сылын тэрээһиннэрин түмүктүүр "Уоттаах сэрии сылларыгар" кинигэ биһирэмэ…
СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов "Үтүө санаа харыйата" аахсыйаҕа кыттыыны ылла. Адаптивнай үөрэх…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа, суруйааччы Ангелина Васильева-Дайыына "Хаарчаана бэлэҕэ"…