13 мөлүйүөн ыал Ийэ хапытаалын туһаммыт

Share

2007 сыллаахха Ийэ хапытаала олохтонуоҕуттан, 16 сыл устата дойду үрдүнэн барыта 13 мөлүйүөн дьиэ кэргэн сэртипикээти ылла. 

Үбүлүөйдээх  13 мөлүйүөн  ахсаанынан Саратовскай уобаласка олорор дьиэ кэргэн ылла. Кинилэргэ олунньу ыйга иккис оҕолоро төрөөбүт. Быйылгы үрдээбит кээмэйинэн 775,6 тыһыынча солкуобайы ылбыттар.

Социальнай пуонда ЗАГС дааннайдарынан туһанан, сэртипикээти сайабылыанньата суох, электроннай көрүҥүнэн тута оҥорон биэрбит. Ийэлэрэ «Госуслуги» порталга баар тус кэбиниэтигэр хапытаал сэртипикээтэ киирбит. Онон пуондаҕа бара да сылдьыбатахтар.

Санатар буоллахха, 2007 сыллаахха Ийэ хапытаалын суумата 250 тыһыынча солкуобай этэ. Билигин суумата үс төгүл улаатта. Маны тэҥэ, 2020 сылтан бастакы оҕоҕо эмиэ бэриллэр буолла. Биир оҕолоох ыалга бэриллэр хапытаал суумата 586,9 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр.

Бу 13 мөлүйүөн дьиэ кэргэнтэн 10,6 мөлүйүөн ыал уопсайа 3,7 триллион солкуобай суумалаах хапытаалларын туһаммыттар диэн Социальнай пуонда пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөрэххэ туттарсыы түмүктэннэ

М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка үөрэххэ туттарсыы сүрүн хампаанньата бүттэ. Ааспыт нэдиэлэтээҕи туругунан, барыта 5000-тан…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогер оҕолор кэмнэрэ

Аныгы үйэ буолан, кэлиҥҥи кэмҥэ социальнай ситимнэри аны блогер оҕолор “ылан” кэбистилэр. Ол эрэ буолуо…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сиригэр быыбардыыр учаастактар үлэлэрин саҕалаатылар

Бүгүн, балаҕан ыйын 8 күнүгэр, Саха сиригэр 8 чаастан Арассыыйа Өрөгөйүн ырыатынан куоластааһын ыытыллар 176…

54 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев: «Үүнэ-сайда, чэчирии тур, тапталлаах Дьокуускай куораппыт!»

Төрөөбүт күҥҥүнэн, Дьокуускай!  Дьокуускай -- биһиги өрөспүүбүлүкэбит тэбэр сүрэҕэ, манна устуоруйа уонна аныгы кэм, үгэстэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Сүрүн

Тустуук Лев Павлов аан дойду чөмпүйэнээтигэр үрүҥ көмүс мэтээли ылла

Лев Павлов көҥүл тустууга юниордар истэригэр аан дойду чөмпүйэнээтигэр үрүҥ көмүс мэтээли ылары ситистэ. Кини…

2 часа ago
  • Сүрүн

Балаҕан ыйын 8 күнэ: ардах, хаар, тоҥоруу

Бүгүн, балаҕан ыйын 8 күнүгэр, Саха сирин соҕуруу, хотугулуу-илин, күнүс арҕаа улуустарыгар сорох сиринэн ардах,…

3 часа ago