13-с биэнсийэ туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэриэхтэрэ

Share

Госдуума вице-спикерэ Борис Чернышов 13-с биэнсийэни биэрэр туһунан сокуон барылын оҥорон, бу сыл бүтүөр диэри дьокутааттар ааҕыыларыгар киллэриэм диэн эттэ. Бу туһунан «Известия» суруйар.

Чернышов этэринэн, бу иннинэ эмиэ маннык сокуон барылын киллэрэ сылдьыбыт эрээри, дьокутааттар өйөөбөтөхтөр. Ол иһин эспиэрдэр, дьокутааттар этиилэрин истэн, уларытан, эбэн баран, хос киллэриэҕэ. Кини этэринэн, үрдүк инфляция кэмигэр биэнсийэлээхтэргэ маннык төлөбүр ордук-хос буолбат. Биэнсийэлээхтэр уопсастыбаҕа кыаммат араҥа буолаллар.

Сокуон барылын уларытыллыбыт көрүҥэр төлөбүр кээмэйэ уларыйара былааннанар. 13-с биэнсийэ дьиҥнээх материальнай көмө курдук көрүллэрин туһугар, биэнсийэлэрин кээмэйиттэн тутулуга суох, бары биэнсийэлээхтэргэ төлөбүр тэҥ кээмэйдээх буолуохтаах.

Дьокутааттар бу сокуону ылыннахтарына, 13-с биэнсийэни Саҥа дьыл иннинэ биэриэхтэрин сөп.

«Росстат» иһитиннэрбитинэн, Арассыыйаҕа 2024 сыл муус устар ыйынааҕы туругунан, биэнсийэ орто кээмэйэ — 20 941 солкуобай. Саха сиригэр биэнсийэ орто кээмэйэ мантан үрдүк — 27 408 солкуобай. Биэнсийэлээхтэр 81,31%-ра — үлэни кыайбат кырдьаҕас дьон. 

What’s your Reaction?
+1
34
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
3

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Инсульт диэн тугуй?

Инсульт – аан дойду үрдүнэн тарҕаммыт биир сүрүн ыарыы. Бу ыарыыттан харыстаныахха сөп.   Киһи доруобуйатын…

7 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Баан каартатын булан баран, харчытын барытын туһаммыт

Саха сиригэр атын киһи баанын счетуттан харчы уоруута таҕыста. Эмсэҕэлээччи дьахтар баан каартатын сүтэрбит эбит.…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга «ЛОРП» ПАУо тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтээтилэр

Дьокуускайга Ю. А. Гагарин аатынан Култуура уонна аныгы ускуустуба киинигэр Ленскэйдээҕи холбоһуктаах пароходство  төрүттэммитэ 30…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көһөҥө талаан бириискэҕэ арыллыбыта

«Бочуот Знага» уордьан кавалера, сахалартан бастакы «БелАЗ» массыына суоппара, белазистар биригээдэлэрин биригэдьиирэ, «Алданзолото» кэмбинээккэ сахалар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Настаабынньыктарга эбии төлөбүр ананыаҕа

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин тэрилтэлэринэн настаабынньыктар оруолларын толорор дьоҥҥо эбии төлөбүр аныыр туһунан сокуоҥҥа илии…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Хомус куттаах Василена Шарина-Улан

Хомусчут-виртуоз, ырыаһыт, норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэр кыайыылаахтара  Василена Шарина-Улан  Үҥкүү тыйаатырыгар 2012…

2 часа ago