13-с хамнаһы ким ылыай?
Үлэ сокуонун эспиэрэ Анна Иванова 13-с хамнаһы ким ылар бырааптааҕын туһунан кэпсээтэ диэн СИА «Прайм» агенствоҕа сигэнэн иһитиннэрэр.
Уон үһүс хамнаһы төлөөһүн Үлэ кодексыгар ыйыллыбатах буолан, үлэ биэрээччилэр эбэһээтэлистибэ курдук ылымматтар уонна бэйэлэрэ быһаараллар.
«13-с хамнас» диэн ааттанар хамнаска эбии ааҕыыны быһаарыыны хас биирдии хампаанньа бэйэтэ ылынар диэн юрист бэлиэтээтэ. Үксүгэр, Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри эбэтэр индексацияны солбуйар бонус быһыытынан буолар эбэтэр кэллэктиибинэн ыныллыбыт дуогабарга ыйыллыбыт буолуон сөп.
Ол гынан баран, үксүн үлэ биэрээччи кимиэхэ уонна төһө сууманы төлүүрүн бэйэтэ быһаарар. 2025 сылтан тус дохуот нолуога үрдээһининэн сибээстээн, үгүс хампаанньалар 2024 сыл бүтүүтэ бары уларыйар төлөбүрдэри, ол иһигэр 13-с хамнаһы, төлүүргэ былаанныыллар. Экспертэр 13-с хамнаһы төлүүр үлэ биэрээччилэргэ сокуон нуормаларыгар олоҕуран, холобур, үлэ төлөбүрүн систиэмэтин туһунан балаһыанньаҕа киллэрэргэ сүбэлииллэр.
Бу иннинэ дьокутаат Светлана Бессараб быйыл ахсынньы бүтүүтэ үрдээбит төлөбүрү ылар биэнсийэлээхтэр категорияларын ааттаталаабыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: