Салгыы
Бэйэ оҥорон таһаарыы: сылытар олбох

Бэйэ оҥорон таһаарыы: сылытар олбох

25.11.2024, 15:00
Хаартыска: Федор Федоров тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи сылларга «Саха сиригэр оҥоһулунна» диэн хамсааһыҥҥа кыттан, үгүс урбаанньыт бэйэ оҥорон таһаарыытын салаатыгар араас бырайыагы толкуйдаан олоххо киллэрэллэр. 

Биир оннук оннук бэйэ толкуйун урбаанньыт Федор Федоров быйыл муус устартан толкуйдаан, бу күннэргэ олоххо киллэрдэ.

Саас-күһүн Саха сирин олохтоохторо массыынабытын гарааска буолбакка, аһаҕас халлаан анныгар хонноробут. Биллэн турар, сарсыарда массыына тымныы олбоҕор олорон айанныыр киһи үгүһэ чахчы. Ол доруобуйаҕа буортулааҕын этэ да барыллыбат. Ол иһин мин муус устар ыйтан бастаан маҕаһыыннарынан, ырыынактарынан сылаас олбоҕу көрдөөн баран, туһа тахсыа суоҕуттан бэйэм оҥорон көрөргө санаммытым. Ол инниттэн интэриниэти хасыһан үөрэтэн, сайыны быһа толкуйдаан, тустаах матырыйаалы көрдөммүтүм. Онтон сылытар сабыылары үтүгүннэрэн, нууччалыы эттэххэ, «табаарынай көстүүтүн» тупсарбытым. Кытайдар тугу сатаабатахтара баарай, кинилэр да маннык олбоҕу оҥороллор эбит да, аһара сылытар. Ол эмиэ доруобуйаҕа буортулааҕа чахчы. Онон мин сылааһы-тымныыны аһарбат матырыйаалы тобуларга санаммытым. Бастакы атыылаһааччыларым — аймахтарым уонна доҕотторум. Биирдэ туттан көрөөт, сакаастаан барбыттара.

Онон «Саха сиригэр оҥоһулунна» диэн хамсааһыҥҥа кыттан, бэйэм сэмэй кылааппын киллэрдим диэхпин сөп, — диэн урбаанньыт санаатын үллэһиннэ.

Федор Федоров математика учууталынан, онтон баһылыгынан үлэлээбит уопуттаах киһи, саҥаны-үйэлээҕи толкуйдуу, айа-тута сылдьар айылгылаах буолан, өссө да сонун сүүрээннэри тобулар санаалаах.

+1
20
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: