Хаарытска: СИА.
2023 сыл муус устар ыйыгар 856 оҕо төрөөтө: 431 уол уонна 425 кыыс. Кинилэр бары Ил Дархан олохтообут “100 сыл оҕолоро” хапытаалы ылыахтара.
“100 сыл оҕолоро” хапытаалы биэрии болдьоҕо өссө 5 сылга диэри уһаабыта. Онон 2022 сыл тохсунньутуттан 2027 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт оҕолор бары, дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга суох, бу хапытаалы ылаллар.
Билигин хапытаал суумата 105 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр, сыл аайы үрдээн иһэр.
2023 сыл ыам ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, 13 016 оҕоҕо хапытаал бэриллэрин туһунан быһаарыы ылыллыбыта. Кинилэртэн 4267 ыал барыта 354 мөлүйүөн 800 тыһыынча солкуобай суумалаах хапытаалларын ылан туһаммыттар.
Ыал үксэ хапытаалы олорор усулуобуйаларын тупсарарга (258 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа 3189 сайабылыанньа) уонна тырааныспары ыларга (89,5 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа 996 сайабылыанньа) ыыталлар.
2023 сылтан саҕалаан, олорор дьиэни гаастааһыҥҥа саҥа хайысха баар буолла. Онон хапытаал үбүнэн гааһы дьиэҕэ киллэрии ороскуотун төлүөххэ сөп буолла.
Хапытаалы ыларга сайабылыанньа суруйар ирдэммэт, оҕо ЗАГС-ка регистрацияланнаҕына, тута ананар.
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Саха сирин арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа ,…
Дьокуускай куорат В. И. Малышкин аатынан 23‑с нүөмэрдээх оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Ульяна Захарова "Кэрэмэс" кэпсээнин истиҥ. …
Ньурба улууһуттан төрүттээх суруналыыс, ырыаһыт, СӨ Суруналыыстарын сойууһун «Кыһыл көмүс микрофон» бириэмийэтин хаһаайына, СӨ тэлэбиидэнньэтин…
Бааска куораттаан иһэр. Ол аайы мээнэ киирэр-тахсар дьону ылбата, онно-манна тастаран киһи бириэмэтин сииллэр. Кинилэр…
2025 сыл бастыҥ спортсменынан тустуук Лев Павловы саарбахтаабакка ааттыыбыт. Ахсынньыга ыытыллыбыт Чөмпүйүөннэр баалларыгар “Сыл бастыҥ…