От ыйын 17 күнүгэр киэһэ Ньурба улууһугар икки уол оҕо сүппүттэр. Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспата уолаттар ууга тимирбиттэрин туһунан биллэрдэ.
Быһылаан Маалыкай нэһилиэгин таһыгар таҕыста. Ол күн оҕолор үс уонна түөрт чаас икки ардыгар Марха эбэҕэ сөтүөлүү барбыттар. Киэһэ дьиэлэригэр төннүбэтэхтэригэр төрөппүттэр уолаттары көрдүү тахсыбыттар уонна таҥастарын өрүс кытылыгар булбуттар. Бу кэнниттэн салгыы көрдөөһүн үлэтин эбэҕэ ыыппыттар. Олохтоохтор көрдөһүҥҥэ үс оҥочонон өрүскэ тахсыбыттар.
Эмиэ бу күн быһылаан тахсыбыт миэстэтигэр Ньурбатааҕы көрдүүр-быыһыыр этэрээтин үс быыһааччыта айаннаабыт. Ол гынан баран, кинилэр тиийиэхтэригэр диэри оҕолор өлүктэрин булбуттарын туһунан биллэрбиттэр. Уолаттар өлүктэрин муҥха көмөтүнэн үс миэтэрэ дириҥнээх өрүс анныттан таһаарбыттар.
От ыйын саҕаланыаҕыттан оҕолор ууга түһэллэрин бастакы түгэнэ буолбатах. Дьокуускайга 203 түөлбэҕэ пляжка кыыс оҕо тимирбитэ. Быыһааччылар төрөппүттэр оҕолору көрүүтэ- истиитэ суох хаалларбаттарыгар, куттал суох буолуутун быраабылаларын санаталларыгар ыҥыраллар. Көҥүлэ суох сирдэргэ сөтүөлээһин бобуулаах.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…