Дьокуускайга Орджоникидзе болуоссакка Арассыыйа былааҕын күнүн бэлиэтээтилэр
Дьокуускайга Арассыыйа былааҕын күнүгэр анаммыт «Держава былааҕа — албан аат бэлиэтэ» үөрүүлээх тэрээһин буолла.
Бэлиэ күн Орджоникидзе болуоссакка тэрээһин кыттыылаахтара Арассыыйа былааҕын тэниттилэр, сыанаҕа «Боотур» этэрээт былааҕын өрө таһаардылар, ону тэҥэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэттэн уордьаннары туттардылар.
«Арассыыйа былааҕа бэлиэ эбийиэктэринэн, судаарыстыбаннай тэрилтэлэринэн туруорабыт, киэҥ туттабыт, туойабыт уонна сүрүнэ – сүрэхпитигэр тутабыт. Билигин биһиги дойдубут территориятыгар өстөөх кимэн киирбитинэн Кыайыыны чугаһатар туһугар түмсүөх тустаахпыт. Биһиги дойдубут интэриэһин көмүскүүр, инники күөҥҥэ сылдьар бары ыччаттарбыт туһугар үҥэбит. Биһиги оҕолорбут Арассыыйа былааҕын тутан атаакаҕа баралларын чуолкай билэбит. Кыайыыны ситиһиэхпит, биһиги көмүскээччилэрбит тыыннаах уонна доруобай эргиллиэхтэрэ диэн эрэнэбин», — диэн бэлиэтээтэ СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов.
ЛНӨ баһылыга Леонид Пасечник Ыйааҕынан территорияны босхолооһуҥҥа уонна нэһилиэнньэни көмүскээһиҥҥэ, ураты хорсун быһыыларын иһин «Боотур» этэрээт «За воинскую доблесть» II истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаланна.
Маны сэргэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадалар, спортивнай куонкурустар призердара, үөрэҕирии туйгуннара, оҕо хамсааһынын көхтөөх чиллиэттэрэ, үс уол уонна икки кыыс, Российскай Федерация гражданнарын пааспарын ыллылар. Ону таһынан Арассыыйа былааҕын күнүгэр киин куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар бырааһынньыктааҕы кэнсиэр, маскировочнай сиэткэлэри оҥоруу аахсыйа, доруобуйа дьаарбаҥката, маастар-кылаастар тэрилиннилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: