Cүүстэн тахса киһини 15 саастаах үөрэнээччи быыһаабыт
15 саастаах үөрэнээччи Ислам Халилов «Крокус Сити Холл» комплексыгар теракт кэмигэр, сүүстэн тахса киһини быыһаабыт.
Бу туһунан СИА opersvodki сигэнэн суруйар. Ол курдук, суруллубутунан кини манна харчылаһан гардеробка үлэлиир эбит.
Ыксаллаах быһыы-майгы тахсыбыт кэмигэр, Ислам дьоҥҥо-сэргэҕэ ханан тахсалларын ыйан-кэрдэн көмөлөспүт. Уолчаан дьон уолуйан ханан да тахсар сирэ туалет диэки куоталларын көрөн, эппиэтинэһи бэйэтигэр ылынан, дьон-сэргэ таһырдьа тахсарыгар ыҥырбытынан, салайбытынан барбыт. Уолуйбут, куттаммыт дьону бастаан «Экспо» сирдээн таһаарбыт, салгыы уулуссаҕа тахсалларыгар көмөлөспүт.
Санатан эттэххэ, «Крокус Сити Холл» комплекска 133 киһи теракт сиэрбитэтэ буолбутун туһунан иһитиннэрэн тураллар. Миэстэтигэр дьону көрдүүр үлэ салҕанар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: