Ийэ сылын чэрчитинэн ыытыллыбыт “Преображение” бырайыак туһунан суруйан турабыт. Сэтинньи бүтүүтэ элбэх оҕолоох ийэлэргэ анаммыт бырайыак түмүгэ таҕыста, кыайыылаахтар билиннилэр.
Бырайыак ыам ыйыттан саҕаламмыта. Барыта 26 дьахтар кыттыан баҕарбытыттан, 10 ийэни талан ылбыттара. Манна сааһыттан тутулуга суох, үстэн элбэх оҕолоох, социальнай кыһалҕалаах, улахан ыйааһыннаах буолуохтаах диэн киритиэрийдээхтэр этэ. Кыттааччылар быраастарга көрдөрбүттэрэ, УЗИ-га түспүттэрэ, анаалыстары туттарбыттара. Онон доруобуйаларын туругун толору бэрэбиэркэлэммиттэрэ.
Ону тэҥэ, психолог консультациятын, диетолог-быраас сүбэтин-аматын истибиттэрэ. Физкултуура, спорт управлениетын тириэньэрэ нэдиэлэҕэ үстэ фитнес дьарыгы ыыппыта. Визажистар, стилистэр көмөлөрүнэн ийэлэр кырааскаланан, таҥнан баран, хаартыскаҕа түспүттэрэ.
Онон бу сыл аҥаарын устата ийэлэр чөл олохтоох буоларга, бэйэни көрүнэргэ, доруобуйаны бөҕөргөтөргө үөрэннилэр. 10 кыттааччыттан финалга 5 ийэ хаалбыта. Бу кэм устата кинилэр уопсайа 31 киилэни бырахтылар. Наталия Строева «Самая целеустремленная», Галина Сидорова «Активная жизненная позиция», Ольга Курамшина «Самая фотогеничная», Айталина Васильева «Самая энергичная» номинацияларга тигиститилэр.
Бырайыак түмүгэ “Здоровая Я” дьаарбаҥка-быыстапкаҕа тахсыбыта.
Кыайыылааҕынан Марина Оконешникова тахсан, соһуччу үөрбүтэ. Кини быраабылаттан биирдэ да туораабакка, сорудахтары кыһаллан толорон, саамай үчүгэй көрдөрүүлээх буолары ситиспитэ. 17 киилэни түһэрэн, аһыырын, утуйарын, хамсанарын барытын, дьиэ кэргэнин олоҕун оҥкулун бүтүннүү уларыппыта. Кини 17, 11, 10, 1 саастаах оҕолордоох.
Марина почтаҕа үлэлиир, билигин кыра кыыһын көрөн, дьиэҕэ олорор. “Преображение” бырайыак туһунан алҕас истибит эбит. Оҕолонуон иннинээҕи ыйааһынын төннөрөр, олоҕун киэргэтэр, элбэххэ үөрэнэр туһуттан, кыттарга быһаарыммыт. Кэргэнэ, оҕолоро өйөөбүттэр, дьарык кэмигэр оҕо көрсөн көмөлөспүттэр.
Дьэ, элбэх оҕолоох ийэлэргэ эргиччи туһалаах бырайыак эбит.
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Төһө тымныйарый? Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа улуустарыгар кыралаан кыралаан хаардыыр.…
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…