2 тыһыынча кэриҥэ ыал 300-түү тыһыынча солкуобайы ылбыт

2025 сылга 2 тыһыынча кэриҥэ элбэх оҕолоох ыаллар босхо сир учаастагын оннугар харчынан төлөбүрү ыллылар диэн Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Бу манна 500 мөлүйүөн солкуобайтан тахса үп ыытыллыбыт.
Быйылгыттан Ил Дархан сорудаҕынан, босхо сир учаастагын оннугар бэриллэр төлөбүр суумата 1,5 төгүл үрдээн, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспитэ. Маны тэҥэ, төлөбүрү туһаныы хайысхалара эмиэ кэҥээбиттэрэ. Онон, былырыыҥҥытааҕар икки төгүл элбэх ыал быйыл бу төлөбүрү ылла.
2025 сыл балаҕан ыйын 4 күнүттэн бу быйылгы төлөбүргэ сайабылыанньалары ылыы тохтообут. Бу иннинэ киирбит сайабылыанньалар бары олохтоммут бэрээдэгинэн көрүллүөхтэрэ.
Босхо учаастак оннугар харчынан төлөбүрү ылыахтарын баҕарар элбэх оҕолоох ыаллар эһиилги бырагыраамаҕа бүддьүөттэн үп көрүлүннэҕинэ, сайабылыанньа биэрэр бырааптаахтар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: