Бырамыысыланнай оҥорон таһаарыы хаһааҥҥытааҕар даҕаны үрдүк көрдөрүүлээх буолан, былырыын ситиһиллибит историческай таһымыгар тиийдэ. Өрөспүүбүлүкэ сыл аайы бырамыысыланнай оҥоруутун эбэн, усулуобуйа оҥорон, инвестордары тардан, бу ааспыт 4 сыл иһигэр дохуотун 37 % улаатыннарда. Кэлэр 2023 сыллааҕы бүддьүөппүт үрдээн, 273 млрд солк. бигэргэннэ.
Итинтэн 140 млрд солк. кэриҥэ үп социальнай хайысхалары толуйууга көрүлүннэ. Статистика көрдөрөрүнэн, дойду үрдүнэн дохуот таһыма намтыыр кэмигэр өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин дохуота 3% үрдээбитэ бэлиэтэнэр. Оттон бырамыысыланнай оҥорон таһаарыыга Саха сирэ эмиэ 8 бастыҥ көрдөрүүлээх эрэгийиэн иһигэр киирдэ.
2022 сыл түмүгүнэн эрэгийиэн бу салааҕа үүнүүтэ 12,2% буолла. Арассыыйа киин эрэгийиэннэрэ, арҕааҥҥы сааҥсыйалартан эмсэҕэлээн, оҥорон таһаарыылара түһэ турар кэмигэр, өрөспүүбүлүкэ Хоту сир уонна Арктика сайдыытын кэлим бырагырааматынан Азия дойдуларын кытары сибээһи тутуһара, олохтуура улахан кэскиллээх буолла. Эспиэрдэр дойду сайдыыта Уһук Илинтэн саҕаланыа диэн мээнэҕэ эппэтэхтэр. Саха сирэ Уһук Илин уонна Арассыыйа экэниэмикэтин сайдыытын локомотивынан буолара саарбаҕа суох.
Хас биирдии үүнээйи туспа ааттаах-суоллаах, суолталаах. Уопуттаах оҕуруотчуттар ханнык сибэккини дьиэҕэ олордору, ханныгы олордуллуо суохтааҕын…
Саха ыалын сиэрэ-туома. Былыр саҥа төрөөбүт уол оҕону абааһыттан кистээн биһигэр бастаан ыт оҕотун угаллара.…
Уруу-аймах ааттарын төһө билэҕин? Бадьа, биллэх диэн кими ааттыылларый? Саха ыалын халандаарыгар бу туһунан баар.…
Быйыл Өймөкөөҥҥө экстремальнай марафон элбэх ахсааннаах кыттааччынан рекорду олохтуур соруктаах ыытылынна. Ол курдук, былырыыҥҥы тэрээһиҥҥэ…
Саха сиригэр 2025 сылга барыта аҕыс хочуолунай үлэҕэ киллэриллибит. Бу бырайыактары олоххо киллэрии нэһилиэнньэлээх пууннары…
Бүгүн, тохсунньу 17 күнүгэр, Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөн улууһугар аан дойдутааҕы таһымнаах улахан успуорт тэрээһинэ…