2023 сылга тыа хаһаайыстыбатыгар 14 млрд 200 мөл. солк. көрүллүөҕэ

Share

Ил Дархан  Айсен Николаев бүгүн,  парламент пленарнай мунньаҕын иннинэ, Ил Түмэн салалтатын, бастайааннай кэмитиэттэр  бэрэссэдээтэллэрин, бэлитиичэскэй фракциялар салайааччыларын кытары көрүстэ. Пленарнай мунньахха өрөспүүбүлүкэ 2023 уонна 2024,2025 сыллардааҕы бүддьүөтэ көрүллүөхтээх.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга норуот дьокутааттарыгар, бастатан туран,  сөбүлэһиннэрэр хамыыһыйалары кытары сүҥкэн үлэни ыыппыт бүддьүөт кэмитиэтин бэрэстэбиитэллэригэр  махтанна.  Сүбэ мунньахтарга уопсайа 600-кэ көннөрүү көрүллүбүтэ.   Айсен Николаев тыа хаһаайыстыбатын салаатын өйөөһүҥҥэ сыһыаннаах  соруктар барыта учуоттаммыттарын бэлиэтээн эттэ.

«Төһө да кыһалҕалар үөскээтиннэр, биһиги сыллата тыа хаһаайыстыбатын салаатын өйөөн, үбүлээһин кээмэйин улаатыннара турабыт.  2023  сылга  14 млрд 200 мөл. солк. кэриҥэ тыа хаһаайыстыбатыгар  көрүлүннэ. Бу билиҥҥи усулуобуйаҕа улахан ситиһии», –  диэтэ  Айсен Николаев.

Ил Дархан маны таһынан доруобуйа харыстабылын боппуруоһугар тохтоото. Айсен Николаев кэлиҥҥи үс сылга эрэгийиэҥҥэ  Булгуччулаах мэдиссиинискэй страховкалааһын пуондатын бүддьүөтэ улааппытын иһитиннэрдэ.   Кэлэр сылга үбүлээһин 2,5 млрд  солк. улаатыахтаах.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

17 минут ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Искусственнай интеллект эйгэтигэр анаммыт тэрээһин үлэтин саҕалаата

Ил Дархан Айсен Николаев  “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…

48 минут ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын умайда

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Креативка киирии: АЛРОСА оҕо айар дьоҕурун өйүүр

АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ытык Күөл харыйата Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттар

Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар Саҥа дьыллааҕы харыйа "Елки России"…

1 час ago