2024 сыл түмүктэрэ уонна кэлэр сыл соруктара

Share

2024 сыл түмүгүн таһаарыы саҕаланна. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ 2018 сылга саҕалаабыт национальнай бырайыактарын олоххо киллэрии түмүктэрин ырытар кэм кэллэ. Социологическай ыйытык көрдөрөрүнэн, ааспыт түөрт сылга дойду үрдүнэн дьоҥҥо-сэргэҕэ саамай улахан туһаны «Доруобуйа харыстабыла», «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суол», «Үөрэхтээһин» уонна «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыактар оҥорбуттарын бэлиэтииллэр.

Саха сиригэр

Саха сиригэр уопсайа 15 национальнай быра­йыак үлэлиир. Онно эбии өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамалар бааллар. Саамай элбэх үбү эрэйэр национальнай бырайыактарынан «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ», «Доруобуйа харыстабыла», «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар», «Демография», «Үөрэхтээһин» буолаллар. Онуоха өрөспүүбүлүкэ салалтата сөптөөх бэлиитикэни ыытара эмиэ улахан оруол­лаах.

«Өрөспүүбүлүкэ национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ саамай элбэх кээмэйдээх үбү ылбыт биэс эрэги­йиэн ахсааныгар киирдэ. Бу биһиэ­хэ олус дьоһуннаах түмүктэри ситиһэр кыаҕы биэрдэ», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев соторутааҕыта «быһа эпииргэ» тоһоҕолоон бэлиэтээн турар.

Саха сирэ 12 национальнай бырайыагы олоххо киллэрэригэр федеральнай бүддьүөттэн саамай элбэх үбүлээһини ылар. Ол курдук, ааспыт түөрт сылга бу бырайыактары олоххо киллэриигэ, уопсайа 187 млрд солк. көрүллүбүтэ. Быйыл сыл бүтүөр диэри, былаан быһыытынан, национальнай быра­йыагынан 27 социальнай эби­йиэк тутуллуохтаах. Сыл түмүгүнэн 18, ол иһигэр 3 култуура, 11 үөрэхтээһин, 2 демография уонна 2 доруобуйа харыс­табылын эбийиэктэрэ тутуллан үлэҕэ киириэхтэрэ.

Үөрэхтээһин

«Үөрэхтээһин» национальнай бырайыагынан быйыл Дьокуускай куорат 29-с №-дээх оскуолатыгар эбии тутуу, Кадеттар интэринээт-оскуо­лалара, ДьТК (ДСК) уонна «Звезднай» түөлбэлэригэр 990-нуу миэстэлээх оскуолалар тутулуннулар. «Звезднай» түөлбэҕэ маны таһынан уһу­йаан уонна поликлиника, хочуолунай, оҥоһуу муус­таах сабыылаах каток баар буолуохтара. Маны сэргэ Сэргэлээхтиир суол 12 км, урукку «Бинго» оҕо лааҕырын сиригэр, доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго аналлаах 550 миэстэлээх үөрэтэр комплекс тутулла турар. Былаан быһыытынан, сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх.

Быйыл күһүн Жатайга 360 миэстэлээх саҥа оскуола тутуллан, үлэҕэ киирдэ. Нам уонна Ытык Күөл сэлиэн­ньэлэригэр 450-нуу миэстэлээх саҥа оскуолалар тутулла тураллар. Бүлүү улууһун Кыһыл Сыырыгар успуорт саалата уонна Мэҥэ Хаҥалас Маттатыгар кырдьаҕастар олорор интэринээт-дьиэлэрэ кэлэр сылга үлэҕэ киириэхтэрэ.

Национальнай бырайыагынан уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамаларынан сыл аайы элбэх социальнай эбийиэк өрөмүөннэнэр. Быйыл эмиэ 50-ча оскуолаҕа уонна 30 оҕо уһуйааныгар хапытаалынай өрөмүөн оҥоһулунна.

Доруобуйа харыстабыла

«Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан Кардиология, Онкология, Оҕо төрүүр кииннэрэ тутуллан, саха дьонун абыраатылар.

Бу бырайыагынан Сунтаар улууһун Элгээйитигэр, Амма сэлиэнньэтигэр, Бүлүү куоракка, Майаҕа, Нам улууһун Намыгар, Ньурба куоракка, Сангаарга, Аллараа Бэстээххэ улахан балыыһалар уонна 14 биэлсэр-акушер пууннара тутулла тураллар. Нерюнгри оройуонугар сыл бүтүөр диэри доруобуйа харыстабылын алта тэрилтэтэ өрөмүөннэнэн бүтүөхтээх уонна аныгы мэдиссиинэ оборудованиетынан хааччыллыахтаах. Балар бары кэлэр сылга үлэҕэ толору киириэхтэрэ.

Быйыл бу национальнай бырайыагынан нэһилиэктэргэ 76 социальнай эбийиэк тутулунна. Ааспыт биэс сылга – Бүлүүгэ, Ытык Күөлгэ, Хонууга, Чурапчыга, Уус Маайаҕа сабыс-саҥа, аныгы технологияларынан, оборудованиенан сэбилэммит, улахан балыыһалара уонна 95 быраас амбулаторията, биэлсэр-акушер пууна үлэҕэ киирдилэр. 53 эбийиэк­кэ хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна. Итини таһынан, мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр 769 саҥа оборудование аҕалыллан туруорулунна. Саха сирэ 18 көһө сылдьар мобильнай диаг­ностикалыыр комплексынан уонна 349 санитарнай массыынанан хааччылынна.

«Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраа­манан быйыл эрэ улуустарга 161 исписэлиис барда: 90 бы­­раас уонна 71 биэлсэр.

2025 сылтан өссө икки саҥа «Уһун уонна көхтөөх олох» уонна «Дьиэ кэргэн» национальнай бырайыактары олоххо киллэрии саҕаланыаҕа.

Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ

Быйыл «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыагы олоххо киллэриигэ өрөспүүбүлүкэ түмүллүбүт (консолидированнай) бүддьүөтүгэр 21,3 млрд солк. көрүллүбүтэ, онтон 20,7 млрд федеральнай үп буолар. Ити үптэн «Ыраас уу» бырагырааманы олоххо киллэриигэр 960,8 мөл. солк., киһи олороругар табыгаһа суох дьиэлэри аҕы­йатарга 18,9 млрд солк. көрүллүбүтэ.

Оттон «Табыгастаах куорат эйгэтин тэрийии» бырагыраамаҕа 1,1 млрд солк, «Олорор дьиэ» бырагыраамаҕа 310,7 мөл. солк. көрүллүбүтэ.

Биллэн турар, ким баҕарар тупсаҕай, сылаас, ыраас дьиэ­ҕэ олоруон баҕарар, онуо­ха «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак дьону хаарбах дьиэт­тэн көһөрөргө көдьүүһэ улахан. Кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ, улуустарга, нэһилиэктэргэ бу бырагырааманан элбэх дьиэ тутулунна, дьон сылаас саҥа дьиэҕэ киирэн үөрдэ-көттө.

Куттала суох суоллар

Дойду бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацио­нальнай бырайыага суол кыһалҕатын быһаарар кыаҕы биэрдэ.

«Куттала суох уонна хаачыс­тыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан биэс сыл иһигэр 1430 км суол өрөмүөннэннэ. «Кэбээйи» уонна «Умнас» айан суоллара тутулуннулар, «Нам» айан суола, «Бүлүү – Кыһыл-Сыыр» айан суолун 24 км өрөмүөннэннилэр. Итини таһынан, үрэхтэри, өрүстэри туоруур муосталар өрөмүөннэнэн, нуормаҕа эппиэт­тиир буоллулар. Хас даҕаны нэһилиэнньэлээх пууннары холбуур, тыын суолталаах Чуоналыыр үрэҕи туоруур 80,17 пог. м усталаах муоста саҥаттан тутуллан, хоту сир дьоно үөрүүлэрэ үрдээтэ. Кэбээйи улууһун «Кэбээйи»  айан суолугар баар 47,71 пог. м уста­лаах муоста, «Дьааҥы» айан суолугар баар 49,84 пог. м усталаах Ольчан өрүһү туоратар муоста тутуллуулара дьон айанныырыгар, таһаҕаһы таһыыга улахан суолталаахтар.

Итини таһынан, Сун­таар улууһун «Уустуйа – Кэмпэндээйи» айан суолугар Куччугуй Арыылаах – Харыйалаах уонна Орто – Харыйалаах өрүстэри туоруур муосталарга хапытаалынай өрөмүөн оҥоһулунна.

Кэнники сылларга сааскы халаантан «эрэйи көрбүт» Куйдуһун үрэҕи туоруур 298 м муостаҕа чөлүгэр түһэрэр үлэлэр ыытылыннылар. Быйыл ити курдук, уопсайа, 4,8 км муоста нуормаҕа эппиэттиир буолла.

Култуура

«Култуура» национальнай бырайыагынан эмиэ үлүгэрдээх үлэ ыытыллар. Тыа сирин нэһилиэктэригэр, кулууптар, киинэ саалалара, бибилэтиэкэлэр, тыйаатырдар иккис тыыннарын ыллылар. Быйыл саҥа оборудованиенан, миэбэлинэн, уотунан-күөһүнэн, араас даҕаны тэриллэринэн 14 култуура тэрилтэтэ хааччылынна.

Нерюнгри оройуонун Беркакитын, Өлүөхүмэ улууһун Саҥыйахтааҕын Култуура дьиэ­лэригэр, Чурапчы улууһун А.А. Саввин аатынан устуоруйа уонна этнография түмэлигэр, А.Т. Никитин аатынан оҕо ускуустубатын оскуолатыгар хапытаалынай өрөмүөн оҥоһулунна. Чурапчы улууһун Толоонугар, Сунтаар улууһун Кириэстээҕэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээҕэр Култуура дьиэлэрэ тутулла тураллар.

Бүлүү, Эдьигээн, Горнай, Кэбээйи, Муома улуустарын муниципальнай түмэллэригэр уонна Ем. Ярославскай аатынан хотугу норуоттар ус­­туоруйаларын уонна култуураларын түмэлигэр саҥа быыстапкалыыр оборудование ылыллан турда. Итини таһынан, П.А. Ойуунускай аатынан Саха драмтыйаатырын материальнай-тиэхиньиичэскэй баазата бөҕөргөтүлүннэ, Алданнааҕы култуура киинигэр элбэх өҥөлөөх автокулууп атыылаһылынна, улуус­тарга алта модельнай бибилэтиэкэ тэрилиннэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Судаарыстыбаннай Дуума быраастары холуобунай эппиэтинэстэн босхолоото

Дьокутааттар мэдиссиинэ үлэһиттэрин олуона суох холуобунай эппиэтинэстэн эккирэтииттэн көмүскүүр сокуон ылыннылар. Бу туһунан «Парламентская газета»…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан: «Улахан уонна бөҕө туруктаах дьиэ кэргэттэр — дойдубут уонна өрөспүүбүлүкэбит инникитэ»

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев  дьиэ кэргэттэри өйүүргэ анаммыт РФ Судаарыстыбаннай сэбиэтин түмүктүүр мунньаҕар  кыттыыны…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Дьарҕаалаахха Баишевтар саха ынаҕын иитэллэр

Тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар ыаллар сүөһүлээх-астаах буолуулара олус көмөлөөх. Ол курдук, Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалаах нэһилиэгэр…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тиксии бөһүөлэккэ киһи өлүгүн булбуттар

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 5 буруйу оҥоруу регистрацияламмыт. Ол иһигэр киһи өлүгүн булбуттар, түөкүттэргэ албыннаппытар.…

45 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыастарга көмөнү тиэрдээри…

Сырыыбыт үһүс күнэ, ахсынньы 3 күнэ.  Бу күн тустаах баһыылкалары, тиэрдиллиэхтээх сээкэйдэри сып-сап тиэнээт  айаннаатыбыт.…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Ил Дархан Айсен Николаев байыаннай изоляторга тахсыбыт баһаар өлбүттээхтэрин дьиэ кэргэттэригэр кутурҕанын биллэрдэ

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Дьокуускайга байыаннай изоляторга  тахсыбыт баһаарга суорума суолламмыт дьон дьиэ кэргэттэригэр…

2 часа ago