Хаартыска: ЯСИА, Мария Васильева
2024 сылга биэнсийэлээхтэргэ төлөбүрдэр инфляция таһымынан 7,5 % үрдүөхтэрэ. Бу туһунан үп миниистирэ Антон Силуанов иһитиннэрдэ.
Ол курдук, 80 саастарын туолбуттар страховой биэнсийэлэрин фиксированнай чааһын икки төгүл эбиллибитин ылыахтара, ол 7,5 % үрдүөҕэ.
2024 сыл муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэни 7,5 % үрдэтиэхтэрэ. Биэнсийэлээхтэргэ төлөбүрдэр 2024 сылга инфляция таһымыгар — 7,5% үрдүөхтэрэ. Бу туһунан үп миниистирэ Антон Силуанов эттэ.
Социальнай биэнсийэни үлэлээбэттэр уонна биэнсийэ атын көрүҥүн анатыыга үлэлэрин ыстааһа тиийбэт дьон ылаллар. Ол маннык биэнсийэ:
— кырдьаҕаһынан;
— инбэлиитинэн;
— иитэр киһитин сүтэрбитинэн;
— 18 саастарыгар диэри тулаайах оҕолорго;
— 23 диэри саастаах күнүскү үөрэххэ үөрэнэр тулаайахтарга.
Судаарыстыбаннай Дуума кэмитиэтин чилиэнэ Светлана Бессараб этэринэн, социальнай биэнсийэ орто кээмэйэ 2024 сылга 13463,62 солк. тэҥнэһиэҕэ.
Ону тэҥэ 2024 сыл олунньу 1 күнүттэн бары социальнай төлөбүрдэри уонна босуобуйалары 7,5% үрдэтээри гыналлар диэн Бессараб иһитиннэрдэ. Ол иһигэр биэнсийэлээхтэр чэпчэтиилээх категорияларыгар ыйдааҕы харчынан төлөбүрдэрэ улаатыаҕа. Кинилэргэ киирсэллэр:
— инбэлиит дьон;
— Арассыыйа уонна ССРС Дьоруойдара;
— Үлэ дьоруойдара;
— Албан аат уонна Үлэ Албан аатын уордьанын толору кавалердара;
— Чернобыль саахалыттан инбэлиит буолбуттар уо.д.а.
Маныаха туһааннаах эрэгийиэҥҥэ биэнсийэ биэнсийэлээх тиийинэн олоруутун алын кээмэйиттэн намыһах буолуо суохтаах, диэн бэлиитик бэлиэтээтэ.
Ол курдук, бары үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ биэнсийэлэрин уонна социальнай төлөбүрдэрин дохуотун уопсай суумата тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына, социальнай эбии төлөбүрү аныахтара. Маныаха сайабылыанньа суруйуу ирдэммэт.
Санаттахха, Саха сиригэр биэнсийэлээхтэргэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 2024 сылга 19809 солк. тэҥнэһиэҕэ
СИА суруйарынан, 2024 сыл атырдьах ыйын 1 күнүттэн үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ эмиэ биэнсийэлэрин үрдэтиэхтэрэ. Индексация бырыһыанын хас биирдиилэригэр анаан ааҕыахтара.
Маныаха биэнсийэлээх ааспыт сылга үлэлээбит баалын уонна үлэтин ыстааһын учуоттуохтара. Ол эбэтэр 2023 сыллааҕы баалларын көрүөхтэрэ.
Байыаннай биэнсийэлээхтэргэ уонна кинилэргэ тэҥнэммит бары категорияларга 2024 сыл алтынньы 1 күнүттэн биэнсийэлэригэр эбиллии 4,5 % буолуон сөп. Бу аччатар коэффициены улаатыннарыы суотугар оҥоһуллуоҕа. Туһааннаах сокуон барылын РФ Судаарыстыбаннай Дуумата көрүөҕэ.
80 саастарын туолбут биэнсийэлээхтэр кырдьаҕастарынан страховой биэнсийэлэригэр икки төгүл эбиллибит фиксированнай төлөбүрү ылар бырааптаныахтара. 2024 сылга фиксированнай төлөбүр 567,6 солк. улаатан, 8134,88 солк. тэҥнэһиэҕэ. Онон 80 саастаахтарга биэнсийэлэрин базовай чааһын 16269,76 солк. кээмэйдээх төлүөхтэрэ. Маныаха биэнсийэ коэффициена 133,05 солк тэҥнэһиэҕэ, быйылгы сылтан 9,28 солкуобайынан улаатан.
«Өскөтүн биэнсийэлээх балаҕан ыйыгар 80 сааһын туоллаҕына, алтынньыга үрдээбит биэнсийэни ылыаҕа», — диэн Светлана Бессараб быһаарда.
Дьокуускай куорат В. И. Малышкин аатынан 23‑с нүөмэрдээх оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Ульяна Захарова "Кэрэмэс" кэпсээнин истиҥ. …
Ньурба улууһуттан төрүттээх суруналыыс, ырыаһыт, СӨ Суруналыыстарын сойууһун «Кыһыл көмүс микрофон» бириэмийэтин хаһаайына, СӨ тэлэбиидэнньэтин…
Бааска куораттаан иһэр. Ол аайы мээнэ киирэр-тахсар дьону ылбата, онно-манна тастаран киһи бириэмэтин сииллэр. Кинилэр…
2025 сыл бастыҥ спортсменынан тустуук Лев Павловы саарбахтаабакка ааттыыбыт. Ахсынньыга ыытыллыбыт Чөмпүйүөннэр баалларыгар “Сыл бастыҥ…
Куйаар ситиминэн «Санаа быраас» диэн илии баттааһыннаах тэттик суруйуулар кэлэр буолбуттара балай да кэм буолла.…