2025 сыл билгэтэ: Сайын сөрүүн буолуо…
Экстрасенс Мари Сырдык Күүс «Сырдык күүс» ТГ-ханаалыгар кэлэр сыл хайдах буолуоҕун билгэтин таһаарда. Кини инникини өтө көрөр туһунан билгэтэ туолбутун туһунан сонуннара Саха сиригэр элбэхтик тарҕаммыттара биллэр.
Айылҕа
«Сайын сөрүүн буолуоҕа. Сир аайы улахан халаан уута кэлэр. Хоту эрэгийиэннэринэн, киин улуустарынан ойуур баһаардара туруохтара, буруо бөҕөтө элбэх, ол эрээри уоту умуоруу үлэтэ үчүгэйдик ыытыллыа. Күн эниэргийэтин быраҕан, спутниковай сигналлары тохтотуо, Сир аргыстарын үлэлэригэр мэһэйдэри таһааран хараабыл, тырааныспар, куйаар ситимин тиһигэр харгыстары үөскэтиэ. Кураан дьыл туран бүтүн континеннар экэниэмикэтин алдьатыа, сорох дойдуларынан хоргуйуу бэлиэтэниэ. Ирбэт тоҥ мууһа ирэн былыргы харамайдар өлүктэрэ тахсалларын көрөбүн. Сир илин өттүгэр 8 бааллаах сир хамсааһына буолуо», — диэн суруйар Мари Сырдык Күүс.
Экэниэмикэ
«Кытайтан табаары аҕалыыга логистикаҕа ыарахаттар тахсыахтара, суолга, байҕалга улахан хаайтарыы тахсыа. Сыана үрдүүр, бу өйдөнөр. Биһиги экэниэмикэбит муҥутуур түһүүтүгэр диэри үс сыл хаалла. Түһүү тахса турар. Сыананы үрдэтии атын да дойдуларга эмиэ көстөр. Аан дойду үп-харчы кириисиһигэр киирэн эрэр. Биһиэхэ дьадайыыны утары охсуһуу киэҥ далааһыннаахтык ыытыллыа, социальнай көмөҕө олус элбэх киһи наадыйара элбиэ».
Бэлиитикэ
Дьон-сэргэ
«Атын эрэгийиэннэртэн, ордук Африкаттан элбэх киһи кэлиэҕэ, дойдубутугар кэлэн олоруохтара, үлэлиэхтэрэ. Буруйу оҥоруу сылтан сыл элбээн иһэр. Дьон үлэтин роботтарынан уларытыынан улахан аймалҕан тахсыа. Куйаар ситимигэр араас хабааннаах айдааннар тахсыахтара».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: