2026 сылга диэри Нерюнгрига доруобуйа харыстабылын 14 эбийиэгин саҥардыахтара

Share

Нерюнгри Оройуоннааҕы киин балыыһатыгар 2026 сылга диэри доруобуйа харыстабылын 14 эбийиэгин саҥардыахтара. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр иһитиннэрбитэ.

“Быйыл Нерюнгри Киин балыыһатын 8 блога салгыы саҥардылынна, Геологтар проспектарыттан суол олохтоохтук өрөмүөннэннэ. 2025 сылга балыыһаны саҥа тэриллэринэн сэбилээһин былааннанар. 2026 сыл бүтүүтэ  14 эбийиэк толору саҥардыллыаҕа. Өрөмүөн үлэтин кэмигэр мэдиссиинэ көмөтүн хаачыстыбата мөлтүө суохтаах. Манна ураты болҕомтону уураргытыгар көрдөһөбүн”, — диэтэ Айсен Николаев.

Билигин маастар-былаан чэрчитинэн балыыһа комплексын «А», «Б»  уонна «В» эмтиир блоктарын олохтоохтук саҥардыы үлэтэ ыытыллар. Аныгыскы уочаратынан инфекция отделениета, патологоанатомическай куорпус, ас-үөл  блога уонна үс диспансер чөлүгэр түһэриллиэхтэрэ.

Санатан эттэххэ, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2023 сыл балаҕан ыйыгар Дьокуускай куонна Нерюнгри куораттар маастар-былааннарын бигэргэппитэ. Нерюнгри Оройуоннааҕы киин балыыһатын эбийиэктэрин төрдүттэн уларытыы Нерюнгри куорат маастар-былаанын биир сүрүн соругунан буолар.

2018 сылтан Саха сирин куораттарыгар уонна  улуустарыгар “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак көмөтүнэн доруобуйа харыстабылын 106 саҥа эбийиэгэ, үс улахан эбийиэк – Перинатальнай киин, Сүрэх-тымыр киинэ уонна Онкология диспансера үлэҕэ киллэрилиннилэр.

Хонууга, Чурапчыга уонна Уус Маайаҕа балыыһа комплекстара аһылыннылар. Майаҕа, Сангаарга, Намҥа, Ньурбаҕа, Бүлүүгэ уонна Үөһээ Бүлүүгэ балыыһа комплекстара тутуллаллар. Аммаҕа уонна Дьокуускайга 2 №-дээх поликлиника тутуута түмүктэнэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Буһан-хатан хомуллан, киһи сайдар арыллан…

Тыйаатырдарга, ордук чуолаан норуодунай тыйаатырдарга, үүнүү-сайдыы, ситии-хотуу бэлиэтэ классическай айымньыны туруоруу буолара мөккүөрү үөскэппэт. Классическай…

4 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо тыйаатырыгар олоҥхону толорооччулар бөлөхтөрө баар буолуоҕа

    Хас да сыллааҕыта Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи А.С.Борисов артыыстары аттестациялааһын кэнниттэн: “Хас биирдии артыыс, саатар,…

27 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хабаровскай кыраайга бэйдиэ сылдьар ыттартан дьахтар суорума суолланна

Хабаровскай кыраай Ванинскай оройуонун Октябрьскай бөһүөлэгэр 68 саастаах дьахтар өлбүтүн дьиэтин таһыттан булбуттар.  Дьахтарга ыттар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: ахсынньы 25 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу, соҕуруулуу-илин өттүгэр…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Ил Түмэн» издательскай дьиэ 25 сылын бэлиэтээтэ

Бүгүн, ахсынньы 24 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ «Ил Түмэн» издательскай дьиэ 25 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһин…

13 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Суут уурааҕынан «Инаглинский» ГОК 90 сууккаҕа үлэтин тохтотто

Ахсынньы 17 күнүгэр Нерюнгритааҕы суутунан «Инаглинскайдааҕы хайа-байытар комплекс» тэрилтэ административнай сокуону кэһиигэ буруйдааҕынан ааҕылынна уонна…

14 часов ago