Бу кыһын биир улууска уопсайа 700 тыһыынча солкуобайдаах убаһа этин уораннар, улахан араллаан тахса сылдьыбыта. Оттон бу күннэргэ Ньурба улууһугар 25 киилэ эти уордулар.
Ис дьыала министиэристибэтин отделын Ньурбатааҕы дьуһуурунай чааһыгар 85 саастаах ытык кырдьаҕастан 20 тыһ. солк. суумалаах 25 киилэ ынах этин уорбуттарын туһунан сайабылыанньа киирбит. Суһал ирдиир үлэ түмүгэр, холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ уорбаланааччыны, эмсэҕэлээччи аймаҕын, хас да сууттана сылдьыбыт 42 саастаах эр киһини туппуттар.
Ол курдук, эмсэҕэлээччи аймаҕыгар олоро сылдьан, этин кини дьиэтигэр уурбут. Кырдьаҕас ыалдьан балыыһаҕа киирбитин кэннэ, уорбаланааччы хас да күн арыгылаабыт. Харчыта бүппүтүгэр аймаҕа уура сыппыт этин уоран атыылаабыт. Атыылаабыт харчытынан ас уонна арыгы атыыласпыт.
Билигин эр киһиэхэ РФ Холуобунай кодексын 158 ыст. 2 чааһынан холуобунай дьыала тэрилиннэ.
Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…
Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…
Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…