300-тэн тахса эдэр ыал 50 тыһыынча солкуобайы ыллылар

Share

Саха сиригэр 2024 сылтан саҥа ыал буолар, 25 саастарын туола илик эдэр дьоҥҥо саахсаламмыттарын кэнниттэн 50 тыһыынча солкуобай төлөнөр буолбута.

Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, тохсунньуттан муус устар ортотугар диэри бу көмөнү 300-тэн тахса паара ылан туһанна.

Бу көмө миэрэтин үбүлээһинигэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 76,5 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. Саҥа ыал буолар эдэр дьоҥҥо сыбаайбалыылларыгар, атын да ороскуоттарыгар бу көмө буолар. Онон эдэрдэр саахсаламмакка эрэ холбоһон олороллоро аҕыйаан, кинилэри сокуонунан ыал буолалларыгар көҕүлүүр сыаллаах.

Сайабылыанньаны «Госуслуги» портал нөҥүө биэриэххэ сөп. Саахсаламмыт кэннэ 6 ый иһинэн бэриллиэхтээх. Эдэр дьон Саха сиригэр бастайааннай олорор буолуохтаахтар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Муома улууһун Хонуу сэлиэнньэтиттэн ууга барыан сөптөөх сиртэн дьону эвакуациялаан эрэллэр

Бүгүн, от ыйын 16 күнүгэр, Муома улууһун Хонуу сэлиэнньэтиттэн ууга барыан сөптөөх сирдэртэн аҕам саастаах,…

27 секунд ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: «Рататуй» бүлүүдэни астыыбыт

"Рататуй" диэн оҕуруот аһыттан бүлүүдэни Францияҕа сөбүлээн астыыллар. Оннук ааттаах ойуулугу өйдүүгүт? Дьэ, хайдах буһараллар…

6 минут ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы бэтэрээнэ ОДьКХ эйгэтигэр үлэни баһылыыр

Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна «Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара» эрэгийиэннээҕи каадыр бырагырааматын кыттыылааҕа Тит…

36 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга суол саахалыгар икки киһи тыына быһынна

 Суукка иһигэр Дьокуускайга биэс суол саахала буолбут, ол түмүгэр икки киһи тыына быстыбытын туһунан ГАИ…

51 минута ago
  • Уопсастыба

Айсен Николаев РФ Госсоветын Энергетикаҕа хамыыһыйатын мунньаҕын ыытта

Москваҕа Арассыыйа Федерациятын Судаарыстыбаннай сэбиэтин «Энергетика» салаатыгар хамыыһыйа мунньаҕа буолла. Мунньаҕы хамыыһыйа салайааччыта – Саха…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сүрүн

Саха сирин байыастарыгар сэргэ ыыттылар

Бүгүн Саха сириттэн байыаннай дьайыы буола турар сиригэр байыастарга тиэхиньикэ саппаастарын, гуманитарнай көмөнү уонна сэргэни…

1 час ago