35 хаһаайыстыба 100 мөлүйүөн солкуобай үбү тутуо

Share

Саха сиригэр оттуур сири тупсарыыга чааһынай хаһаайыстыбаларга 100 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ. Бу үп 35 хаһаайыстыба икки ардыларыгар үллэриллиэҕэ. “Культуртехническай уонна гидромелиоративнай” үлэлэргэ анаммыт субсидия үбү ылыыга 66 хаһаайыстыба сайаапка түһэрбит. Олортон 12 хаһаайыстыба сайаапка усулуобуйатын толорботох буолан сыыйыллыбыттар, 19 хаһаайыстыба бүддьүөт лимиитэ тиийбэккэ быйыл аккааһы туппуттар. Бу эрэгийиэннээҕи талыы буолар, онон бүддьүөт лимиитигэр хапсыбатах хаһаайыстыбалар салгыы федеральнай талыыга кыттыахтара. Ол курдук, Арассыыйа Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ от ыйын 10-24 күннэригэр 2024 сылга мелиорация үлэтигэр бырайыактар сайаапкаларын тутан саҕалыаҕа.

Харчыны ылбыт 35 хаһаайыстыба үлэ 20% бэйэлэрин үптэринэн оҥоруохтаахтар, субсидия хаалбыт — 80%. Сыл устата бу хаһаайыстыбалар ходуһаларын тупсарыахтара уонна уу кутар тэриллэри атыылаһыахтара. Барыта 4 тыһ. гектар сир чөлүгэр түһэрэ былааннаммыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

6 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

7 часов ago