53 сыл доруобуйа харыстабылыгар

Share

Бөһүөлэк соҕотох биэлсэрин санныгар омуннаабакка эттэххэ, сыалай поликлиника эбээһинэһэ сүктэриллэр. Кини барытын сатыахтаах. Биэлсэр, акушер, хирург, терапевт, суһал көмө массыынатын бырааһа… Дьэ, бу курдук олох тургутуутун этэҥҥэ ааспыт эрэ үлэһит дьон убаастабылын ылар.

Аны, бэрт кылгастык ааспыт үйэ 60-с сылларыгар тохтоон ааһабын.Уус Алдаҥҥа Орто Эбэ диэн Бээдиттэн чугас сытар сайылык пиэрмэтэ. Саха балаҕана, сайыҥҥы нуурал киэһээ утуйаары сытан дьоммут аргыый наллаан кэпсэтэллэрин истэбин. Арай төбөлөһө сытар наара оронтон саҥа иһиллэр: «Үөрэхпин бүтэрэн кэллэхпинэ эһигини барыгытын эмтиэм», — диир. Уонна кэккэлэһэ сытар ыарыһах эдьиийин кууһан баран: «Мин эйигин үтүөрдүөм», — диэбитэ билигин да кулгаахпар бу баардыы иһиллэр. Дьэ, бу маннык үөрэҕин өссө да бүтэрэ илик кыыс улуу Гиппократ андаҕарын хаан уруу дьонугар биэрбит ким эбитий?

Ол сайыҥҥы сөрүүн түүн андаҕар курдук эппит тылларын толорон, оччолорго Дьокуускайга эмчит үөрэҕэр үөрэнэр, сайыҥҥы сынньалаҥар кэлбит эдэркээн кыыспыт билигин 73 саастаах. РФ уонна СӨ Доруобуйа харыстабылын туйгуна уонна да атын судаарыстыбаннай наҕараадалардаах Мария Николаевна Нафанаилова буолар.

Мария Николаевна 1951 с. Бээдиттэн чугас Дүпсүн нэһилиэгэр киирэр аҕыйах ыаллаах алааска төрөөбүтэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран Даалынан, Тулунанан биэлсэрдээбитэ. Ити кэнниттэн 1978 сылтан саҕалаан Бээдигэ 46 сыл биэлсэринэн үлэлээтэ. Онтон уопсай үлэтин ыстааһа 53 сыл.

Тэйиччи сытар кытыы бөһүөлэктэр биир сүрүн кыһалҕалара — онно эмчит тиийбэтэ уонна кини олорон үлэлиир дьиэтэ суоҕа буолара. Ол гынан баран, кэлиҥҥи сылларга Бырабыыталыстыба өттүттэн дьон доруобуйатын туһугар сөптөөх болҕомто ууруллан, ити хайысхаҕа үлэ көдьүүстээхтик барар. Бөһүөлэктэргэ саҥа модульнай балыыһалар, биэлсэр-акушер пууннара тутуллан үлэҕэ киирэллэр. Каадырдары бэлэмниир үлэ эмиэ сөптөөх тосхолу тутуста. Бу барыта дьон олоҕун тупсарар сыаллаах, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун хааччыйар сыалтан. Бигэ туруктаах буолууну хааччыйар инниттэн араас хайысхалаах судаарыстыбаннай бырагыраамалар олоххо киирэллэр. Бу хайысхаҕа нэһилиэнньэ баҕатын учуоттаан үлэ барбытын түмүгэр, Бээдигэ саас саҥа биэлсэр-акушер пууна тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Ол иннинэ эмиэ бу бырагырааманан сэрии уонна үлэ тыыл бэтэрээннэригэр анаан саҥа искибиэр тутуллубута.

Дьэ, итинник этэн туран, Мария Николаевнаны мин норуот биэлсэрэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Кини биһигини барыбытын көрөн, ыалдьыбыты эмтээн, бүөбэйдээн кэлбит үтүөкэннээх киһибит. Мария Николаевна быйыл үлэтиттэн бэйэтин баҕатынан уурайбыт диэни соһуйа уонна хомойо истибиппит. Ол эрээри урукку өттүгэр үлэлииргэ усулуобуйа суоҕун аахсыбакка үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ кини хайдаҕын туоһулуур. 46 сыл тухары маһынан оттуллар тымныы, эргэ мас дьиэҕэ үлэлээбитэ сыанан-арыынан аҕаабатаҕа чахчы. Оттон билигин үлэлииргэ усулуобуйа барыта тэрилиннэ, баар. Үлэлии кэлиэн баҕалаах даҕаны баар буолуоҕа диэн кини этэр. Бэйэтэ этэринэн сынньанарбар, сиэннэрбин таптыырбар бириэмэ эмиэ наада диир, күлэн кэбиһэр. Биһиги биэлсэр Маайыспытыгар дьолу соргуну уонна доруобуйаны баҕарабыт.

Бээдитээҕи КСК дириэктэрэ, СӨ култууратын туйгуна, көхтөөх уопсастыбанньык Матрена Захаровна Бочкарева: «Биһиги биэлсэр Маайыспыт курдук дьону этэн эрдэхтэрэ, олоҕун бүтүннүү дьон доруобуйатын туһугар анаата» диэн.  Матрена Захаровна бэйэтэ эмиэ биэлсэр идэлээх. Мин кини бу этиитигэр сөпсөһөбүн. Уонна Мария Николаевна бэйэтэ тэриммит,  оҥостубут көмүскэ тэҥнээх уйгулаах уйатыгар тапталлаах сиэннэрин кытары дьоллоохтук олороллоругар баҕарабыт, алгыспытын аныыбыт.

Иван Сивцев — Бээди

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Суоттулар БАМ тутуутугар

Сэбиэскэй Сойуус саҕана үйэ тутуутунан ааттаммыт Байкал-Амур тимир суол магистралын тутуу саҕаламмыта быйыл 50 сылын…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саамай көхтөөх кыттааччы — Вова Степанов

Бүлүүгэ ыытылла турар "Бүлүүлүү оһуохай дуорайдын" күрэскэ Бүлүү, Ньурба улууһуттан оскуола үөрэнээччилэрэ кытта сылдьаллар. Кинилэр…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олоҕу ылынабын махталынан

Бу күннэргэ Ньурба улууһун киин бибилэтиэкэтэ "Үрүҥ торуоска" ыйын чэрчитинэн Ньурбатааҕы көрбөттөр уопсастыбаларыгар "Олоҕу ылынабын…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Финквиз» оонньууга хамаандалар күрэхтэстилэр

Уус Алдаҥ улууһугар С.Васильев – Борогонскай аатынан киин бибилэтиэкэ уонна улуустааҕы үп управлениетын тэрийиилэринэн "Финквиз" оонньуу…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

“Тигиилээх сирэйдэр”

Сэбиэскэй иитиилээх дьон “татуировка” түһэриини олох сөбүлээбэттэр. Кинилэр санааларыгар эти-сиини ойууланыы аҥаардас хаайыыга олорбут дьон…

10 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Эдэр педагогтары өйүөххэ, өйдүөххэ”

Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин сүрүн исписэлииһэ, Ыччат Бырабыыталыстыбатын чилиэнэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр педагогтар ассоциацияларын саҥа талыллыбыт…

10 часов ago