61 саастаах бибилэтиэкэр түөкүттэргэ 1,4 мөлүйүөнү албыннатта

Share

Саха сиригэр олорор 61 саастаах бибилэтиэкэр түөкүттэргэ 1,4 мөлүйүөн солкуобайы албыннатта. Кинини биир биллэр мессенджер нөҥүө эрийэн, баан уонна судаарыстыбаҕа үлэлиир тэрилтэ үлэһиттэрэбит диэн харчытын сойбоппуттар.

Дьахтары кирэдьиит ылан, ол сууманы барытын ыытан, кини аатыгар эрдэ оҥоһуллубут кирэдьиити сабарга күһэйбиттэр. Онон сөп буолбакка, аны «Фонд социального страхования» тэрилтэ аатыттан эрийэн, түөкүттэргэ албыннаппытын иһин 2 мөлүйүөн солкуобай компенсация ааҕыллар диэбиттэр. Онуоха бибилэтиэкэр билэр дьонуттан 300 тыһыынча солкуобайы иэс ылан, саарбах компенсация иһин хамыыһыйаны төлөөбүт.

Онон түмүгэр дьахтар 1,4 мөлүйүөн солкуобайга тэбиллибит.

Саха сиринээҕи ИДьМ олохтоохтору түөкүттэр угаайыларыттан сэрэхтээх буоларга ыҥырар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьонноругар-сэргэлэригэр муус тиэйэн биэрдилэр

Уус Алдаҥҥа Бэрт Ууһугар (баһылык И.П.Ильин) нэһилиэккэ дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэйэргэ диэн анаан муус ылан бэлэмнээн кэбиһэр үтүө үгэстээхтэр.…

19 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Украинаҕа – эһээтэ тэлбит суолунан

81 сыл буолан баран, эһээтин уҥуоҕун булбут байыас   Валерий Петровка байыаннай сулууспа диэн тус…

53 минуты ago
  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Күннээҕи гороскоп: ахсынньы 27 күнэ

Бүгүн субуота, сынньалаҥ үтүө күнэ. Ыксаабакка, сүүрбэккэ-көппөккө, дуоһуйа сынньаныҥ. Чугас дьоҥҥут аттыгар буолуҥ, сүрэххит этэрин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: сорох улуустарга -54° кыраадыска тиийэ тымныйыа

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый?  Соҕуруулуу-арҕаа, илин улуустарга, Халымаҕа, Өймөкөөҥҥө кыра хаардаах буолара күүтүллэр. Арктика…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьыллааҕы бит-билгэ

Хантан кэлбитэ, ким айбыта биллибэт эрээри, Саҥа дьыл бэйэтэ туспа үгэстээх, биттээх-билгэлээх. Сорох дьон маны…

15 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Саҥа дьыллааҕы таптал остуоруйата» балет кырачаан сулустара

Ахсынньы 22 күнүгэр алыптаах Саҥа дьыл бырааһынньыгын көрсө, А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Саҥа дьыллааҕы…

16 часов ago