Хаартыска: Мария Васильева, ЯСИА.
Саха сиригэр олорор 61 саастаах бибилэтиэкэр түөкүттэргэ 1,4 мөлүйүөн солкуобайы албыннатта. Кинини биир биллэр мессенджер нөҥүө эрийэн, баан уонна судаарыстыбаҕа үлэлиир тэрилтэ үлэһиттэрэбит диэн харчытын сойбоппуттар.
Дьахтары кирэдьиит ылан, ол сууманы барытын ыытан, кини аатыгар эрдэ оҥоһуллубут кирэдьиити сабарга күһэйбиттэр. Онон сөп буолбакка, аны «Фонд социального страхования» тэрилтэ аатыттан эрийэн, түөкүттэргэ албыннаппытын иһин 2 мөлүйүөн солкуобай компенсация ааҕыллар диэбиттэр. Онуоха бибилэтиэкэр билэр дьонуттан 300 тыһыынча солкуобайы иэс ылан, саарбах компенсация иһин хамыыһыйаны төлөөбүт.
Онон түмүгэр дьахтар 1,4 мөлүйүөн солкуобайга тэбиллибит.
Саха сиринээҕи ИДьМ олохтоохтору түөкүттэр угаайыларыттан сэрэхтээх буоларга ыҥырар.
Аҕа дойду уоттаах сэриитин бэтэрээнин, Саха сирин Бочуоттаах олохтооҕун, 101 саастаах Наум Трифонович Слепцову кэлэн…
Ыалдьыты былыр үөрэ-көтө айдааран көрсүбэттэр этэ. Хайдах киһи дьиэҕэ киирбитин дьиэлээх тойон ороҥҥо сытан тута…
Садын оройуонун (билиҥҥитэ Мииринэй) Ботуобуйа сирэ-дойдута былыр былыргыттан дьон аймах сөбүлээн олохсуйбут сирэ буолар. Олохтоохтор…
Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 80 сылын тэрээһиннэрин түмүктүүр "Уоттаах сэрии сылларыгар" кинигэ биһирэмэ…
СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов "Үтүө санаа харыйата" аахсыйаҕа кыттыыны ылла. Адаптивнай үөрэх…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа, суруйааччы Ангелина Васильева-Дайыына "Хаарчаана бэлэҕэ"…