64 массыына 20 улуус балыыһатыгар бэриллибитэ

Share

Кулун тутар 22 күнүгэр буолбут Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кэллиэгийэтин мунньаҕар 2023 сыллааҕы үлэ түмүктэрин таһаардылар уонна 2024 сылга соруктары торумнаатылар.

Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов былырыын өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэлээх пууннарыгар доруобуйа харыстабылын уонтан тахса эбийиэгэ үлэҕэ киллэриллибитин уонна бу үлэ эрэгийиэҥҥэ салҕаныаҕын туһунан эттэ.
Ол курдук, 2024 сылга Саха сиригэр «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын бырагырааматынан 10 саҥа быраас амбулаториятын уонна биэлсэр-акушер пуунун тутуохтара.
Ону таһынан,  Уус Маайа улууһун Уус Маайа бөһүөлэгэр 45 куойкалаах уонна симиэнэҕэ 104 киһи сылдьар поликлиникалаах балыыһа комплексын тутуу салҕанар. Өссө 5 эбийиэги -– Амма сэлиэнньэтигэр симиэнэҕэ 200 киһи сылдьар поликлиниканы, Бүлүү, Ньурба куораттарга оунна Нам сэлиэнньэтигэр эмтиир куорпустары, Майа сэлиэнньэтигэр балыыһа комплексын тутууну саҕалааһын былааннанар.
СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева бэлиэтээн эппитинэн, 2023 сылга мэдиссиинэ 71 массыыната уонна 2 мобильнай комплекс атыылаһыллыбытыттан 64 массыына уонна 2 мобильнай комплекс 20 улуус балыыһатыгар бэриллибитэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрин олохтоохтук өрөмүөннээһиҥҥэ киэҥ хабааннаах үлэ ыытыллар, онтон 14 эбийиэккэ өрөмүөн үлэтэ 2023 сыллаахха түмүктэммитэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

15 минут ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Искусственнай интеллект эйгэтигэр анаммыт тэрээһин үлэтин саҕалаата

Ил Дархан Айсен Николаев  “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…

46 минут ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын умайда

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Креативка киирии: АЛРОСА оҕо айар дьоҕурун өйүүр

АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ытык Күөл харыйата Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттар

Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар Саҥа дьыллааҕы харыйа "Елки России"…

1 час ago