Айсен Николаев сорудаҕынан, Ю.П. Степанов аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэр кэлим реабилитацияларын социальнай-чэбдигирдэр кииннэригэр байыаннай дьайыы 375 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин 343 чилиэнэ доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэн, кэлим реабилитацияны аастылар. Бу туһунан киин дириэктэрэ Асида Алексеева брифиҥҥэ кэпсээтэ.
— Биһиги байыаннай сулууспалаах организмын уопсай үлэлиир туругун, өйүн-санаатын, иэйиитин, эйэлээх олоххо үөрэниитин көрөн, чөлүгэр түһэригэр туһулаан үлэлиибит. Киин кинилэргэ социальнай-психологическай уонна социальнай-мэдиссиинискэй көмөнү оҥорор, — диэн кини эттэ.
Киин «Самородок» бассейны, Арчы дьиэтин кытта бииргэ үлэлэһэр. Бассейнҥа гидрокинезотерапия дьарыга ыытыллар. Арчы дьиэтигэр алгыс туомун толорон, ыраастыыллар, өйдөрүн-санааларын бөҕөргөтөллөр.
Үгүс байыастар уонна дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ араас хабааннаах консультацияҕа наадыйаллар. Онон араас тэрилтэлэр исписэлиистэрин кытта 62 көрсүһүү тэриллибит.
Маны тэҥэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэр мэдиссиинэ-социальнай реабилитацияларын техникум-интэринээтин кытта идэҕэ туһаайыы үлэтэ ыытыллар. Манна 51 байыас уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин 66 чилиэнэ хабылыннылар.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата
Бу күннэргэ социальнай ситимҥэ итирик туруктаах уолаттар айаннаан иһэн суоппары кытта айдаарсыбыт видеолара тарҕанна.…
Саха сиригэр байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга гуманитарнай көмөнү уонна сылаас таҥаһы-сабы хомуйуу аахсыйата салҕанар. Бу…
Тохсунньу 3 күнүгэр -56 кыраадыстаах аам-даам тымныы турар кэмигэр Дьокуускай-Бодойбо хайысханан “Пути великих свершений” эспэдииссийэ…
Госдуумаҕа кирэдьиити биэрэргэ "толкуйдатар кэми" киллэрэр сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылыннылар. Бу сокуон барыла түөкүттэртэн…
Саха сүөһүтүн тоҕо эрэ аан дойду чинчийээччилэрэ харахтарын далыттан олох сүтэрбэттэр. Хас да генетическэй чинчийии…
Дьокуускайга тохсунньу 24 күнүгэр Өксөкүлээх аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Холокост сиэртибэлэрин кэриэстиир нэдиэлэ чэрчитинэн, «Пронзительная…