Нерюнгри куорат 72 саастаах олохтооҕо полицияҕа иккистээн түөкүттэргэ албыннаппытын туһунан сайабылыанньа суруйда.
Аҕам саастаах киһи былырыын бастакы төгүлүн албыннатан, инвестицияҕа харчы үлүннэрэргэ суоттанан, улахан суумалаах харчыттан маппыта биллэр. Бу сырыыга кини эмиэ түөкүттэргэ итэҕэйэн, урут «Traiding Point» хампаанньаҕа уган сүтэрбит 600 000 солк. харчыны төнүннэрэргэ эрэннэрбит. Уон хонук устата түөкүттэр албыннааннар, эмсэҕэлээччэ счетуттан барыта 29 485 солк. харчыны уорбуттар.
— Ытыктабыллаах гражданнар! Инвестициянан түргэн үбү-харчыны үлэннэрэн ыларга араас дьоҥҥо итэҕэйимэҥ, урут угуллубут харчы төннөрүллэрин эрэннэрэр буоллахтарына эмиэ хаттаан харчыгытыттан матыаххытын сөп, – диэн ИДьМ сулууспатын Нерюнгри отдела иһитиннэрэр.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…