9 ый устата 8551 оҕо төрөөтө

Share

2022 сылга алтынньыга диэри өрөспүүбүлүкэҕэ 8551 оҕо төрөөтө, онтон 6,6 тыһыынчаттан тахса дьиэ кэргэн 100 тыһыынча солкуобайдаах “100 сыл оҕолоро” хапытаалы ыллылар. Бу хапытаал быйыл, Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар төрөөбүт оҕолорго бэриллэр.

Хапытаалы олорор усулуобуйаны тупсарарга, тырааныспар атыылаһарга, кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарарга, оҕо үөрэнэригэр уонна эмтэнэригэр ыытыахха сөп. Ону тэҥэ, 3 саҥа хайысха эбиллэн биэрдэ: оҕо аатыгар уурунуу кылаатын арыйарга, Арассыыйа устун сынньана барарга уонна оҕо олоҕун, доруобуйатын страховкалааһыҥҥа.

Быйыл 1388 дьиэ кэргэн 122 мөлүйүөн солкуобай суумалаах хапытаалын туһанна. Олорор усулуобуйаны тупсарыыга 88 мөлүйүөн солкуобайы, тырааныспары атыылаһыыга 32 мөлүйүөн солкуобайы ыыппыттар. Сорох үбү оҕо аатыгар уурунуу кылаакка уонна страховкаҕа туһаммыттар.

Айсен Николаев эппитинэн, “100 сыл оҕолоро” хапытаал кэлэр сылга эмиэ бэриллэр буолла. Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ 1 мөлүйүөн киһилээх кирбиигэ чугаһаан иһэр. Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар 1 мөлүйүөннээх кирбии куоһарыллара күүтүллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Федора Ивановаҕа «Үйэ саас» бочуоттаах бэлиэ туттарылынна

СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр «Үйэ саас» бочуоттаах бэлиэни Федора…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бөрөлөөххө бэнсииннэрэ тиийдэ

Аллайыаха улууһун саамай түгэх сытар Бөрөлөөх нэһилиэгэр суолу баттаһа олохтоох дьаһалта сыллааҕы бэнсииннэрин аҕалтарда. Онон…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Намнар бэлисипиэтинэн айаннаатылар

Намнар сыллата маннык үтүө тэрээһини тэрийэн ыыталлар. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Солоҕоттор үүт эбиллэригэр эрэнэллэр

Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгэр ханна да буоларын курдук сааскы түбүктэрэ үгүс. Ол курдук, олохтоохтор ыабыт…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Дьулустаан Борисов Саха сирин волейболун Федерациятын Кэтээн көрөр сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талылынна

Бэҕэһээ Дьокуускайга Саха сирин Волейболга Федерациятын уочарата суох киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕа буолла. Мунньахха Федерация бэрэссэдээтэлин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Өлөөн уһуйааныгар кырачааннар оһуохайдыыллар, таабырын таайсаллар

Уһук хотугу эргимтэҕэ сытар Өлөөн оройуонугар "Кэнчээри" оҕо сайдар киинин иһинэн өрөспүүбүлүкэтээҕи "Эркээйи эргиирэ" пилотнай…

3 часа ago