Ааҕааччы санаата: «Чума» — киһини толкуйдатар киинэ

Ааҕааччы санаата: «Чума» — киһини толкуйдатар киинэ

02.10.2024, 20:00
Хаартыска: Я.Байгожаева тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Дмитрий Давыдов «Чума» диэн киинэтэ, атын сахалыы тыллаах киинэлэргэ холоотоххо, олус элбэх көрөөччүнү бэйэтигэр тардыбата. Ол, биир курдук, Дмитрий Давыдов ыарахан тыыннаах, хараҥа хартыыналары устар диэн дьон ылынар эбит. Иккис курдук, дьон бу бүрүүкээн турар кэмҥэ биир үксүн сэргэхсийиэн, көнньүөрүөн эрэ баҕарар курдук сыһыаныттан. Ол иһин үгүс айар-тутар дьоммутуттан тугу эрэ сырдыгы, үтүөнү эрэ күүтэбит, эрэйэбит. Ол, дьиҥэр, сыыһа буоллаҕа.

Араас киинэ бэстибээллэригэр кыайда да, хартыына барыта сэргэниэхтээх диэн буолбатах. Дьиҥэ баара, Д. Давыдов бу «Чума» диэн киинэтэ эмиэ артхаус дэнэр, ол эбэтэр туруорааччы бэйэтэ ураты көрүүтүнэн салайтаран оҥорбут айымньыта буолар. Аны туран үгүс киһи ылыммат постмодерн диэн өрүтү тутуһан устар, үлэлиир (биир үксүн олох дьэбэрэтин, ньоҕоротун дьиҥ баарынан көрдөрө сатааһын). Ол иһин кини киинэлэрэ хара маҥнайгыттан коммерческай буолбатахтар, аралдьытар, көнньүөрдэр сыаллара-соруктара суох. Биир америка билимин ученайа Камилла Полья постмодернизм туһунан эппит эбит: «Это чума для ума и сердца», — диэн.

Режиссер ураты суолу-ииһи көрдүүрэ кини Япония киинэлэрин ньымаларын киллэрбитэ буолар. Ол курдук, ардыгар олоҕо суох уһун саҥата-иҥэтэ суох арбы-сарбы, уку-суку көстүүлэр, быстах кэпсэтиилэр. Барыта: геройдарбыт сирэйдэрин тутталлара-хапталлара, харахтарын көрүүтэ, быһыылара-таһаалара тугу эрэ таайтарар курдук. Киинэҕэ режиссер олус элбэх приемнары, символлары туһаммыт. Ол, дьиҥэр, үгүс киһиэхэ өйдөнүмтүө эрээри, тоҕо диэтэххэ, син оскуолаттан саҕалаан араас айымньылары ырытабыт, анаарыылары ааҕабыт буоллаҕа эбээт, ол эрэн, бу курдук үгүс ханарытан, таайтаран этиини сорох көрөөччү ылыммат буолуон эмиэ сөп. Ол биир үксүн дьон толкуйдууртан тэйбиттэриттэн.

Холобура, С. Образцов биир этиитигэр тохтуум: «Умение говорить языком зрителя — это одно из основных свойств, которым должен обладать режиссер. Нужно уважать зрителя, а не зазнаваться, мол пусть зритель подрастет до меня, до моих новаций. Но во время спектакля зрителю расти некогда. На спектакле он должен жить этим спектаклем, быть внутри него, все понимая, все ощущая, сопереживая». Ол эрээри бу киинэтигэр Д.Давыдов сиэри таһынан уустук ньымалары, символлары туһамматахха дылы, көрөөччүгэ тиийимтиэ, өйдөнүмтүө. Киинэҕэ үөскээбит быһыы-майгы төрүөтүнэн ТЫЫ буолла. Сэмэй аҕабыт уус буолан тыы оҥорон, онон харчылаһан олорор. Тыы — олох тыыта — бу ыра санаа, сырдыкка, ыраахха талаһыы, уларыйыы, сүүрүгү өксөйүү…

Аныгы айар-тутар дьон хайа баҕарар эйгэҕэ саҥаны көрдүүргэ күһэллэр, классика да айымньылары саҥалыы тыынныыллара тоҕоостоох. Ол курдук К.Райкин этэн турардаах: «В театр люди ходят не за музейными впечатлениями, не за приятностями». Ол иһин аныгы айымньылартан урукку курдук биир халыыптаах үөрэтэр-такайар суолталаналларын ирдиир табыллыбат. Сорох айымньы сиэрдээҕин, эбэтэр дьон-сэргэ олоххо көрүүтүгэр дьайыытын кэм-кэрдиис көрдөрүө диибит. Сорох киинэни ол иһин хаста эмит көрүөххэ, өйдүөххэ, сүрэҕинэн-дууһанан, тириибитинэн истиэххэ наада курдук. «Чума» киинэ эмиэ ити этэн аһардыбытым курдук, киэҥ араҥаҕа быһаарбыт, чопчулаабыт кэннэ, культура, тыл-өс эйгэтигэр үөрэнэр, үлэлэһэр идэлээх дьон ырытыыларын кэннэ иккис тыына арыллыа дии саныыбын.

«Чума» киинэҕэ икки кэргэнэ суох соҕотох аҕалар дьылҕаларын нөҥүө, кинилэр олох араас тургутууларын хайдах тулуйалларын, билиҥҥи кэмҥэ аҕа, эр киһи оҕо аймах олоҕор суолтатын хаарыйда. Дьон үксэ тоҕо эрэ туруору көрөн, бардам майгылаах ыал аҕата күүстээх-кыахтаах буолан, киниэхэ ыаллыы олорор сэмэй майгылаах эр киһи уола аҕатыттан, дьиэтиттэн тэйэн сыһынна диэн санааҕа кэллэ. Дьиҥэр, ким кырдьык дьиҥ ис күүстээҕий, кытаанах бигэ санаалааҕый?Үгүспүт бу киинэҕэ көстүбүт быһыы-майгы курдук көрүнньүккэ үлүһүйэн, баайга-дуолга талаһан, түргэн харчыга ымсыыран сылдьабыт буолбатах дуо? Ыра санаата суох, талаһыыта суох күннээҕи баҕаны толорон, күдээринэ күммүтүн барааччылар элбэхпит. Бу курдук аныгы ыччат сыыһа далаһаҕа үктэммитин режиссер Д.Давыдов бу саҥа оҥоһуллан эрэр тыы умайан күүдэпчилэммитинэн көрдөрдө. Аҕатын такайыытын, сүбэтин-аматын ылыммакка, кини сэмэй майгытын утаран, уолбут аҕата сүрэҕин-быарын ууран, имэрийэн-томоруйан оҥоро сылдьар тыытын уоттаан кэбистэ… Бу буолбатах дуо, олорор мутугу кэрдинии, инники кэскилгин сарбыныы?!

Ол барыта баай-байылыат олоххо ымсыырыы, күүскэ-уохха бэринии, ис тутулу, санааны сүтэрии. Сэмэй аҕалаах уолбут ыалларыгар тахсан бардам майгылаах аҕа тула илэмэ-салама түһэн сырытта. Ол курдук төрөппүт аҕатыттан тиэрэ эргийэн, майгыта да уларыйда. Ол эрэн атаҕастаммыт аҕа кэмигэр хардарбатаҕа диэн кини мөлтөҕүттэн буолбатах этэ эбээт. Кини киэн көҕүстээх Эр киһи буолан, кыраҕа ымыттыбат этэ, иллээх-эйэлээх олоҕу тутуһан, эйэ-дэмнээхтик олоруон баҕарара да… ол сатаммата.

Хаһан эрэ бу баттал, атаҕастабыл тохтуохтаах этэ. Хайа муҥун күүһүнэн өттөйөн, сутуругунан сотуһан ити хабыр киһи сылдьыай?! Сөпкө этэллэр: тыалынан киирбит, холоругунан тахсар диэн… Сэмэй Эр киһибит били бардам ыалын аҕатын саанан тирээн элэ-была тылын этиттэ. Дьэ, бэрт диэммин бу киинэ устатыгар, дьэ, өрө тыынным. Онуоха уола өрө мэҥийэн аҕатыгар убаастабыла эргийэн, дьиэтигэр кэлээхтээтэ эрээри, хомойбут аҕа уолун ымманыйа көрсүбэтэ ээ… Дьэ, бу көрөөччүгэ улахан сэрэтии: чугас дьоҥҥун-сэргэҕин, ийэҕин-аҕаҕын хомотума. Көрөөччү эмиэ толкуйга түһэр: бу аҕалаах уол дьылҕалара хайдах буолбута буолуой?

Киинэҕэ бу икки эр киһи хаһан эрэ таптыы сылдьыбыт дьахталларыгар сыһыаннара эмиэ араас. Биирдэстэрэ улаатан эрэр уолугар ийэтин туһунан куһаҕаны эрэ кэпсиир, содур дьахтарынан ахтар. Ол эрэн олоххо туох да буоллун, ийэлээх эрэ ыал дьоллоох буолар. Төһөлөөх да үтүө аҕалан, ийэтэ суох кэри-куру, санньыар, хобдох. Киинэ ийэлэри харыстыахха диир курдук.

Бу киинэҕэ сүрүн болҕомто уол оҕону иитиигэ, Эр киһи буолууга ууруллубут. Билиҥҥи көлүөнэ оҕолоро олус толору хааччыллыылаах олоххо күөлэһийэн сылдьаллар. Олох ыарахаттарын, охсууларын билбэттэр. Онуоха эбиитин араас сыыһа сүүрээннэргэ оҕустаран, бигэ толкуйдара суох буолан, араас тургутуулары уйбат буолуохтарын сөп. Бэл диэтэр, ол харчыга, аакка-суолга, баайга-дуолга ымсыыран төрөппүттэриттэн тиэрэ эргийэн, төрөөбүт дьиэлэриттэн тахсан баралларын кэрэйбэт дьон үөскээбит буолуохтарын сөп. Бу киинэ эдэр ыччаты «зона комфорта» диэн ааттанар эйгэттэн таһаарар тоҕоостооҕун бэлиэтиир. Ол курдук тыйыс айылҕабыт күүстээх санаабытын, эппитин-сииммитин ыстаал гына хатарарын киинэ геройа уол күһүҥҥү силбиккэ ууга түһэн тоҥон баран, ньылбы сыынньахтанан хахсаат тыалы тулуйан турарынан көрдөрүлүннэ. Оо, төһө да тоҥмутун иһин, уолчаан эр санаатын киллэрэн тула көрүннэ, санаата сааһыланна, бөҕөргөөтө, чэгиэн буолла!

Онон бу «Чума» киинэнэн Д.Давыдов режиссер быһыытынан ойдом соҕус турар ураты айар-тутар суоллааҕын бэлиэтээн туран, дьон болҕомтотун бэйэтигэр тардарын таһынан, киинэтэ киһини толкуйдатар өрүттэрдээх эбит диэн сэҥээрдим.

Антонина Ускеева.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: