Ааҕааччы суруга: Турсынай Оразбаева үрүҥ көмүс бөҕөх бэлэхтээн турар
Муус устарга Астана куоракка Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай түмэлигэр “Саха сирин күндү кылаата” диэн Саха сирин норуоттарын ускуустубатын уонна култууратын быыстапката буолбута.
Экспозицияҕа кэлбит дьон саха норуотун ураты ускуустубатын, үгэс буолбут култууратын билистилэр. Быыстапкаҕа туспа миэстэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай худуоһунньуга Анна Зверева бырайыагынан «Культ коня в культуре народов Евразии» экспозицияҕа бэриллиннэ. Манна биһиги биир дойдулаахпыт, СӨ норуотун маастара Дарья Константинова, ат симэҕинэн кытынна. Кини Казахстан национальнай түмэлигэр көрсүһүүгэ казах поэтессата Турсынай Оразбаеваны кытары биир көрсүһүүтүн туһунан кэпсээтэ.
Ол 1983 сыллаахха, Саха сиригэр Казах Өрөспүүбүлүкэтин литературатын күннэрэ ыытыллар кэмнэрэ этэ. Ыалдьыттар дэлэгээссийэлэригэр бэйиэт, Казахстан уонна Сэбиэскэй сойуус Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ Турсынай Оразбаева баара. Дэлэгээссийэ дьоно Хаҥалас улууһун кэрэ-бэлиэ сиригэр – Хачыкаат нэһилиэгин Булууһугар сылдьыбыта. Хаҥалас айылҕатын кэрэтиттэн, Булуус күөл хаар маҥан мууһуттан оҕолуу долгуйбут Турсынай Оразбаева Дарья Константиноваҕа казах омук үрүҥ көмүс бөҕөҕүн бэлэхтээбитэ. Ол көрсүһүүттэн ыла 40-тан тахса сыл ааста. Онтон Дарья Гаврильевна Турсынай кэриэһигэр ити дьахтар киэргэлин хараҕын харатын курдук харыстаан илдьэ сылдьар. Дарья Гаврильевна быйыл Саха сирин дэлэгээссийэтигэр киирсэн, поэтесса дойдутугар сырытта.
Турсынай Оразбаевна Оразбаева көхтөөх уопсастыбаннай диэйэтэл этэ, Арассыыйаҕа казах диаспоратын олоҕор-дьаһаҕар, үлэтигэр-хамнаһыгар улахан кылаатын киллэрбитэ. Кини — поэзия тоҕус хомуурунньугун (икки – нууччалыы, биир – сахалыы, биир – тувинныы) ааптара. Саха култууратын уонна литературатын киэҥник сырдаппытын иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитин үрдүк аатын ылбыта. Турсынай Оразбаева Суорун Омоллоон литератураҕа “кыыһа” этэ уонна “Мин кэллим Тааттаҕа” ырыа ааптара.
Галина СЕМЕНОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: