Амма Аччыгыйын айымньыларыгар ох тыллар

Share

Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, норуот суруйааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 119 сыла.

Филология наукатын хандьыдаата Михаил  Чооруоһап «Амма Аччыгыйын айымньыларыгар ох тыллар» ыстатыйатыгар: «Амма Аччыгыйа биһиги литературабытыгар бастакылартан биирдэстэринэн ох тылы туттуу үтүө холобурун көрдөрбүт үтүөлээх суруйааччы буолар. Кини уустук санааны уу сахалыы бэргэнник этии маастарын быһыытынан сыаналанар», -– диэн бэлиэтээн эппитэ.

Бүгүн Амма Аччыгыйын аатынан Харбалахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун саха тылын уонна литературатын  учуутала Валентина Семеновна Кривошапкина хомуйан оҥорбут  презентациятыттан Амма Аччыгыйын  айымньыларыттан ох тыллары  билиһиннэрэбит:

«Таптыыр үлэҥ ырыа курдук эбээт, тахсардаах, тахсыбаттаах. Таҕыстар эрэ, тохтуоххун баҕарбаккын. Суруйааччы төһө талааннаах да, соччонон ордук кичэйэн, эрэйдэнэн үлэлиир».

«Норуот дьулуурун өргөһүн, норуот сүрэҕин төлөнүн иҥэринэн үөскээбит, үүммүт дьон ортотуттан геройдар тахсаллар».

«Бэйэҥ долгуйбакка туран, дьону долгутуом, аҥардас өйүм-билиим ордугунан баһыйан умсугутуом, долгутуом диэн саараама даҕаны».

«Дьолу үксүгэр аһаран баран өйдүүбүт эбээт биһиги, дьон ортолоро. Чэгиэни — ыалдьа сытан, эдэри -– кырдьан иһэн, доҕору хомотон баран өйдүүбүт».

«Үтүө киһи сүрүн бэлиэтэ -– бииргэ үлэлиир доҕотторун үрдэтэ, кинилэри киэргэтэ, бэлиэтии сылдьар».

«Дьиҥ күүстээх уонна дьиҥ кэрэ хаһан да айдаана-дарбаана суох, сэмэй буолааччы».

«Аан дойдуга туохтан да үчүгэй -– эйэ, туохтан да куһаҕан -– иҥсэ баар.

«Кырдьык кимиэхэ да балыйтарбат, сырдык туохха да хаххалаппат, ньургун сүрэх туохтан да дьулайбат».

«Чэпчэки суол сыаната эмиэ чэпчэки».

«Хаһан биһиги атыттары сирбэккэ эрэ, кими хайҕаабыппыт баарай?»

«Туга да гыммат баар эбит, улахан сылаалаах «үлэ»».

«Тус-туспа тотуохтааҕар бииргэ аччыктаабыт эмиэ ордук буолааччы».

«Киһи көхсүгэр көстө сылдьар кыната суох. Кини сытыы кыната -– өйүн, сүрэҕин дьулуура».

«Этэр тыл эриэккэһэ уонна сүрэх иэйиитин эрчимэ тус-туспа төрүттээх буолуохтарын сатаммат».

«Биэспитигэр да, биэс уоммутугар да биирбит эбээт биһиги ийэлэргэ…».

«Доҕор көһүннэҕинэ, күүс холбонно да, эн барыны тулуйуоҥ, барыны кыайыаҥ».

«Эдэр эрдэххэ, өлөр-кырдьар туһунан санаммат эбээт, үксүгэр, чэ, бэйи, хойут диэн иһэҕин».

What’s your Reaction?
+1
20
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Оҕону ытырбыт ыты туттулар

Дьокуускай куорат Сайсары уокуругун  быраабата телеграмҥа ханаалыгар суруйбутунан, бүгүн, тохсунньу 8 күнүгэр, 15:20  чааска 03…

3 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алта массыына кыттыылаах суол быһылаана таҕыста

Бүгүн, тохсунньу  8 күнүгэр, Намныыр суол  14 км хас да массыына харсыспыт. Бу туһунан куораттааҕы…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Доруобуйаҕа туһалаах сүбэлэр

Үрдүк категориялаах норуот эмчитэ, терапевт-быраас, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна Анна Васильевна Дохунаева “Сааһырбыт дьоҥҥо сүбэлэр”…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Е” эбилик диэн тугуй?

Билигин “Е” диэн эбилигэ суох ас суоҕун кэриэтэ. Доруобуйаҕа буортулаах уонна кыра буортулаах диэҥҥэ арахсаллар.…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Долганнар түөлбэлээн олорор сирдэригэр талааннаах ыалы сэргээтим

Кылтасов Дмитрий Николаевич  төрөппүттэригэр  ахсыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ  удьуор туундара дьоно этилэр. Дмитрий…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кириэс мас сэтэ, «Хаһан даҕаны таҥхалаама!»…

Кириэс мас сэтэ Бу түбэлтэ ааспыт үйэ 50-с сылларыгар буолбут. Эргэ Саҥа дьыл бырааһынньыгар оскуола…

8 часов ago