Салгыы
Ааспыт нэдиэлэҕэ арыгыны атыылыыр өссө 19 «сымыйа кафе» сабылынна

Ааспыт нэдиэлэҕэ арыгыны атыылыыр өссө 19 «сымыйа кафе» сабылынна

02.10.2023, 16:30
Сайаана Львова хаартыската
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн Саха сирин сокуонугар арыгыны атыылааһыҥҥа уларытыылар киирбиттэрэ. Онтон ыла биир ый ааста, сокуон мэхэниисимэ дьэ хамсаан эрэр.

Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ Дьокуускай куорат дьаһалтатын сүрүннүүр тустаах тэрилтэлэрэ сокуон ирдэбилигэр эппиэттээбэт буолан, сабыллыахтаах 60 арыгыны атыылыыр «туочука» испииһэгэр киирбит «сымыйа кафелары» уонна «наливайкалары» хонтуруоллааһын үлэтин ыыттылар. Ол түмүгэр итирдэр утаҕы атыылыыр 19 уопсастыбаннай аһылык тэрилтэтэ сабылынна диэн иһитинннэрэр Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Бу туһунан бүгүн, алтынньы 2 күнүгэр, Дьокуускай куорат дьаһалтатын Урбааҥҥа уонна туризмҥа департаменын начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу Кирилл Лазарев иһитиннэрдэ.

Ону таһынан 17 эбийиэк саҥаттан уларытыллан оҥоһулла сылдьар, ол гынан баран, сокуон ирдииринэн итирдэр утаҕы атыылыыр сир иэнин кэҥэтэллэрэ дуу, атын табаары атыылыыллаар дуу биллибэт диэн Кирилл Лазарев эттэ.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
6 января
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: