Ааспыт нэдиэлэтээҕи хоромньу 15,7 мөл. солк. таҕыста
Ааспыт нэдиэлэҕэ түөкүттэртэн сылтаан өрөспүүбүлүкэ 18 олохтооҕо эмсэҕэлээтэ, хоромньуларын уопсай суумата 15,7 мөл. солк. таҕыста.
Түөкүттэр угаайыларыгар 7 биэнсийэлээх, учуутал, билим үлэһитэ, үлэтэ суох киһи, мас ууһа, коммерческай тэрилтэ дириэктэрэ, тиэхиньиичэскэй үлэһит, муниципальнай тэриллии баһылыга уо.д.а. киирэн биэрбиттэр, диэн иһитиннэрэр tprocsakha тг-ханаал.
Саамай улахан хоромньу “ФСБ, РФ Киин баанын үлэһитэ” төлөпүөннүүр схематынан тахсыбыт, онно билим үлэһититтэн 3,2 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайын олордон ылбыттар.
Бу схеманан уопсайа 6,5 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай суумаҕа 4 киһи эмсэҕэлээтэ.
“Инвестиция” схематынан 6 киһиттэн албыннаан, 6 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайы уордулар.
Суотабай сибээс сымыйа эпэрээтэрдэрин, биэнсийэ пуондатын, Энергосбыт, ОДьКХ уонна мэдиссиинискэй тэрилтэ сымыйа үлэһиттэрин кытта кэпсэтии түмүгэр 6 эмсэҕэлээччи 2,8 мөл. солк. сүтэрдэ.
Маны тэҥэ биллэриилэр саайтарын нөҥүө табаары атыылаһыыга-атыылааһыҥҥа 77 008 солк. уонна телеграм-ханаалга сүүйдүҥ диэн иһитиннэриинэн 130 400 солк. үбү-харчыны албыннаан уорбуттара бэлиэтэннэ.
Сэрэххитин сүтэримэҥ, түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэримэҥ!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: