Салгыы
“Абаасылаах Хаус” киинэ туһунан санаалар

“Абаасылаах Хаус” киинэ туһунан санаалар

Ааптар:
27.03.2024, 19:30
Хаартыска: «Буойун устуудьуйа
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, кулун тутар 26 күнүгэр, “Абаасылаах Хаус” диэн киһи сонньуйар ааттаах киинэ сабыылаах көрдөрүүтүгэр сырыттым. Саҥа киинэни быһа бааччы “куһаҕан” эбэтэр “үчүгэй” диэн сыана быһыаҕы, эрдэ уһуллубут киинэлэргэ майгыннаабат саҥа жанрдаах айымньы. Онон санаа сааһылыы таарыйа, араас өттүттэн ырытан көрүүм.

Аат моһуога

Биллэн турар, бастакы ыйытыы киинэ аатын туһунан. Абаасылаах? Манна саха клавиатуратынан бэчээттииргэ ыҥырар дьон эрэ буолбакка, сорох сахалыы тыллар сыыһа сурйдахха быдьар суолталаналларын өйдүүр дьон истэрэ буһуон сөп. Киинэ саҕаланыан иннинэ тоҕо маннык аат үөскээбитин туһунан киинэ продюсера Степан Порядин көрөөччүлэргэ быһаарда.

Бу уус-уран киинэ уһуллуон иннинэ BUOYUNЦ айар бөлөх Ютубка “Абаасылаах Хаус” диэн аатынан кылгас роликтары таһаартаабыт эбит. 2021 сылтан “абааһылаах түбэлтэни” үгэргиир тэттик роликтар тахсыбыттар, олортон бастакылара “графикатын оҥорбут уол сахалыы шрибэ суох буолан, “Абаасылаах Хаус” диэн ааттаан таһаарбыт» диэтилэр. Ютубка сүүстэн тахса тыһыынча көрүүлээх кылгас киинэлэр бу олуона ааты “бренд” курдук ылыммыттарын учуоттаан, айар бөлөх экраҥҥа тахсар улахан киинэлэрин аатын уларыппакка таһаарага быһаарыммыттар. “Оҕону улааттаҕына аатын “куһаҕан эбит” диэн саҥа аакка уларыппаттар буолбат дуо?” — диэн, Порядин быһаарыытын түмүктээтэ. Чэ… сөбүлэһиэххэ сөп.

Киинэ ис хоһооно

Киинэ ис хоһоонун туһунан этэр буоллахха, ис хоһооно… суох. Экраҥҥа көстүбүтү бэрт кылгастык маннык хоһуйуохха сөп: биир уол ойох ылыан иннинэ атастарынаан холостуой олоҕун атаараарыы күүлэйдии барар уонна бары өлөн хаалаллар.

Ол эрэн, ис хоһоон хобдоҕо бу хартыынаны хоһуйууга сыһыана суох. Арыый да өйдөммөт соҕустук cуруйдум эрээри, билигин быһааран көрүөм. Бу киинэни “хоррор-кэмиэдьийэ” диэн саха киинэһиттэрэ өссө таарыйа илик жанрдарынан устубуттар. Бу ыччакка анаммыт 2000-с сылларга бэрт ситиһиилээх туспа сүүрээн этэ. Кутталлаах киинэлэри үгэргиир, хоррор жанрыгар туһаныллар ньымалары быһа тардан ылан күлүүлээх өттүттэн көрдөрүү, кырдьык, биир ситимнээх сэһэни оҥорууну ирдээбэт. Көрүдьүөһү, дьээбэни, хаадьылаах этиилэри туспа-туспа анекдоттар курдук көрбөт эрэ туһугар сюжекка майгынныыр каркаһы эрэ тутар ирдэнэр.

Холобур, хас да киинэттэн турар “Очень страшное кино” франшиза кэккэ “слэшер” жанрга уһуллубут киинэлэр үгэргээһиҥҥэ олоҕураллар. Киинэни өйдүүргэ ис хоһоону кэтээһин соччо ирдэммэт.

Туохха туһалаах киинэний?

Манна икки араас санаа үөскээбэт – бу курдук киинэттэн туһа көрдүүр уустук. Ол эрэн бу хартыына атын соруктаах оҥоһуллубут. “Абаасылаах Хаус” көрөөччүгэ биэрэрэ биир – чаастан ордук күллэрии, кыһалҕаттан аралдьытыы. Бу соругун олус үчүгэйдик толорор. Бэрт сатабыллаахтык таҥыллыбыт дьээбэлэри, көрүдьүөстээх түгэннэри, сытыы таба бэлиэтээһиннэри көрөн, биир бэйэм өтөрүнэн күлбэтэхпин күллүм. Сорох түгэннэрин соччо өйдөөбөтүм – бу анаммыт аудиториятыттан лаппа аҕа саастааҕым биллэҕэ. Ол да буоллар, BUOYUNЦ уолаттара бэйэлэрин үлэлэрин, дьону саататары бэркэ сатыыр дьон эбиттэр.

Өлүү туһунан хаадьы оруннаах дуо?

Саҥа көлүөнэ киинэһиттэр бэрт чаастатык аҕа саастаахтар санааларыгар олуонатык дьээбэлэнэллэр. Өйдөһүү ситиһиллибэт биир сүрүн тиэмэтэ – киһи өлүүтүн тула дьээбэ-хообо. Саха үгэһигэр өлүү-сүтүк туһунан оонньуохтааҕар, улаханнык саҥарар бобуулаах буоллаҕа.

Ол эрэн, олох уларыйан иһэр, билиҥҥи кэм дьон өйдөбүлүгэр дьиҥнээх быһылаан уонна айымньыга кэпсэнэр өлүү туспа суолталаах өйдөбүллэр.

Оттон “Абаасылаах Хаус” уһуллубут жанра өлүү тула дьээбэни булгуччу ирдиир. Эрдэ ахтан аһарбыт “слэшер” диэн жанры сахалыы көнөтүк тылбаастаатахха “кэйгиэлээһин” диэн буолар. Туох эрэ өйдөммөт кутталлаах хара дьай дьону сойуолаһа сылдьан кэйгиэлиирин туһунан туспа киинэ жанра баар. Оннук киинэлэри үгэргиир айымньыга өлүү туһунан хаадьы хайаан да баар буолара сатанар курдук.

Ол да буоллар, “Абаасылаах Хаус” бу хайысхата саамай мөлтөх өрүтүнэн буолла быһыылаах. Саамай мөлтөх, кулгааҕыттан соһуулаах хаадьылара бу тиэмэҕэ буолбутар. Хаан-сиин тула күлүүлээх түгэни сатабыллаахтык толкуйдууру, маннык сиэри таһынан сайдыылаах да сахалар сатыы иликтэр эбит.

Түмүккэ

Сахаларга хаһан эрэ биир саамай сэмэлэнэр буруй солуута суох буолуу этэ. Билигин солуута суох буолуу барыс киллэрэр туспа идэ буолбут. Бу маны үчүгэй диэн хайгыыр, куһаҕан диэн буойар да туһата суох. “Оннук буолла” диэн бэлиэтиир эрэ кыахтаахпыт. Саарбаҕа суох, бу киинэни ыччат үксэ биһирии көрүө, аҕам саастаахтар сиилии, сэмэлии ылыныахтара. Соторутааҕыта биир киинэни сирэн “бобуохха” диэччилэр кытта баар буолбуттара. Бу киинэ тула мөккүөр үөскүүрэ саарбах – анаммыт аудиторията сылдьыаҕа, атыттар туттунуохтара дии саныыбын.

Иннэ гынан, бу киинэ туһунан туох диэххэ сөбүй? Бу куһаҕан киинэ дуу, үчүгэй киинэ дуу? Көрөр киһититтэн тутулуктаах диэххэ. Тус бэйэм, бу киинэни үтүктүбүт киинэтигэр дьүөрэлээн “Олус куһаҕан ааттаах киинэ” диэн ааттыахпын баҕардым. Кулун тутар 28 күнүттэн бэйэҕит көрөн сыаналыаххытын сөп. 

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: